Бэрээдэк

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Сурум көстө)

Бэрээдэк (сахалыы Сурум) диэн дьон тутуһа сылдьыахтаах араас быраабылалара, сокуоннара, сиэрдэрэ, туомнара ааттаналлар.

Олох биир сиргэ турбат, сайдан, уларыйан, сайдыылаах омуктартан саҥа тыллар, өйдөбүллэр киирэн иһэллэр. Уон сэттис үйэҕэ, оччотооҕу кэм сайдыылаах нууччалара кэлэннэр суругу-бичиги, араас сокуоннары, бэрээдэги аҕаланнар саха дьонун сурукка-бичиккэ үөрэппиттэрэ, сокуоннары киллэрбиттэрэ. Былыргы кэмнэргэ сахалар сиэри-туому тутуһан олохторун олорбут эбит буоллахтарына, билигин олорго эбии, сокуоннар уонна бэрээдэк көрдөбүллэрэ киирэн биэрдилэр. Бу эбиискэ киирэр көрдөбүллэри олох салгыы сайдан иһиитигэр кыттыһыы быһыытынан сайдыыны ситиһиэн баҕарар омук тутустаҕына, урукку сиэри-туому уларытан, тупсаран биэрдэҕинэ эрэ табыллар.

Оҕолору оскуолаҕа үөрэтии нууччалыы өттө баһыйарынан бэрээдэк диэн тыл, өйдөбүл билигин лаппа баһыйа туттуллар. Бэрээдэк диэн тыл нуучча тылыттан киирбитинэн детсадка, оскуолаҕа уонна үөрэх тэрилтэлэригэр барыларыгар бэрээдэктээх буолуу диэн өйдөбүлү тутталлар. Бэрээдэк диэн киэҥ өйдөбүл сахалар сиэр-туом диэн үөрэхтэриттэн салгыы сайдан, үүнэн, тупсан, сурукка киирбитинэн эрэ уратылаах. Оҕо кыра эрдэҕиттэн аан маҥнай аныгы олоххо сөп түбэһэр сиэри-туому үөрэтэн билэн, тутуһар буола үөрэнэн баран салгыы бэрээдэккэ, онтон сокуоннары тутуһууга үөрэниитэ өйө-санаата туруктаах буола сайдыытын төрүттүүр.

Оҕону бэрээдэктээх киһи буола улаат диэн этэн үөрэтэллэр. Бэрээдэк диэн нууччалыыттан киирбит «порядок» диэн тылы этэбит. Сиэр уонна туом диэн сахалыы тыллар бу сокуон, бэрээдэк диэҥҥэ өйдөбүлүнэн сөп түбэһэллэр. Оҕону кыра эрдэҕинэ сиэргэ-туомҥа, бэрээдэккэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиллэр, үгэс оҥорон иҥэриллэр. Онтон салгыы бэрээдэккэ оскуолаҕа киирдэҕинэ үөрэтиллэр.

Араас сокуоннар, бырааптар нууччалартан киирэннэр сахалыы тылларбытын үтүрүйэн, туһаныыттан таһааран иһэллэр. Сокуон диэн тыл сахалыы өйдөбүлүнэн сиэр диэҥҥэ сөп түбэһэр уонна сурукка киирбит буолан ааҕан билиллэр, үөрэтиллэр, туттуллар кыаҕа улахан. Олус былыргы кэмнэргэ дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын быһаарар сиэр көрдөбүллэрэ барылара тылынан этиллэн бэриллэллэриттэн сахабыт тыла мөлтөөн иһэрин курдук эмиэ мөлтүүр, туттуллара аҕыйаан иһэр.

Сахалыы үөрэҕи тарҕатыыга, олоххо киллэриигэ сиэр-туом билигин туһалыыр, олоххо туттуллар, туһалаах көрдөбүллэрин талан, арааран ылан сурукка киллэрэн оҕолору кыра эрдэхтэринэ үөрэтиигэ туһаныы сахалыы сиэр-майгы оҕолор ийэ куттарыгар иҥэн олохсуйуутугар тириэрдэр.

Араас сокуоннары, бэрээдэги, сиэри-туому тутуһар киһи бэрээдэктээх киһи диэн ааттанар. Бэрээдэк диэн сиэр-туом көрдөбүллэрэ уонна аныгы бэрээдэктээх буолуу үөрэхтэрэ бары холбуу ааттаналлар.

Билигин биһиги олохпут сокуоннары тутуһан олоруу диэн ааттанар. Сокуону тутуһар киһи бэрээдэктээх киһи буолар. Сокуон, бэрээдэк диэн аналлаах хааччах. Дьон уһун үйэлэр тухары өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну баһылааннар киһи быһыылаах киһи оҥорор быһыыларын туспа арааран билэргэ үөрэммиттэр. Киһи быһыылаах киһи тутуһар, аһара барбат кыйыалара сокуону, бэрээдэги, хааччаҕы үөскэтэллэр. Бу хааччах кыйыаларын бэрээдэктээх киһи таһынан барыа суохтаах. Бэрээдэги тутуһар киһи, бу аналлаах хааччах иһигэр сылдьарга, олоҕун олорорго үөрэнэрэ аныгы, сайдыылаах үйэ халбаҥнаабат көрдөбүлэ буолар. Бэрээдэктээх киһи тулуурдаах, сыыһа-халты туттубат, өйө-санаата аһара барбатаҕына эрэ бу хааччаҕы тутуһара табыллар.

Холобурга, бэрээдэктээх киһи арыгыны аһара, итириэр диэри испэт. Куруук бэйэтин туттуна, арыгы иһэр баҕатын хааччахтыы сылдьара эрэйиллэр. Ыраас дьиэҕэ бадарааннаах атаҕын таҥаһынан киирэн кэлбэт, дьиэҕэ киирэргэ атах таҥаһын устарга, уларыттарга үөрэммит киһи бэрээдэккэ үөрэммитин бэлиэтэ буоларын, билигин дьон бары тутуһаллар. Киһи тутта-хапта, таҥна-симэнэ сылдьара, тугу саҥарара, оҥороро барыта олохсуйбут уонна аныгы бэрээдэк көрдөбүллэригэр сөп түбэһэрэ эрэйиллэр.

Оҕону бэрээдэккэ үөрэтии диэн, бу аналлаах хааччах иһигэр сылдьарга, киһи ханан сылдьар сирин билэргэ, онон эрэ сылдьар буолууга үөрэтии ааттанар. «Бэрээдэги кэһимэ» диэн этии олохсуйбут сиэри-туому тутус, киһи быһыытын аһара барыма, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорор буол диэн быһаччы өйдөбүллээх этии буолар.

Бэрээдэги тутуһар буолууга киһиэхэ бэрээдэк бары көрдөбүллэрин билии, үөрэтии туһата улахан. Билигин дьон бары үөрэҕи-билиини баһылаабыттарынан «Сокуону билбэт буолуу эппиэтинэстэн быыһаабат» диэн этии сокуон халбаҥнаабакка эрэ тутуһуллар кыаҕын улаатыннарар. Билбэтинэн өттөйөн, ону куоһур туттунан сокуону кэһииттэн киһи кыайан куоппат кэмэ кэлбитэ ыраатта. (1,25).

Туһаныллыбыт литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Каженкин И.И. Улуу тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]