Сахателеком

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сахателеком
Көрүҥэ аһаҕас акционернай хампаанньа
Тэриллибитэ 1900
Штаб-квартира Flag of Арассыыйа RUS: Дьокуускай
Тутаах дьоно Константин Геннадьевич Волошин (Филиал дириэтэрэ)
Савелий Константинович Кан (техника өттүнэн дириэктэр)
Индустрията Сибээс өҥөтө
Барыhа 3,356 мөл. (2009)
Үлэhиттэрэ 2,538 (2009)

Сахателеком, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бөдөҥ тэрилтэлэриттэн биирдэстэрэ. Кини хас да сфера5а улэлиир, олортон улаханнара — интэриниэт, сотовай сибээс, сибээс, интэриниэт технологията, ТВ уонна Радио. Салалтата Дьокуускайга баар.

Историята[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • 1884 сыллахха Саха сиригэр бастакы Жигалово станциятыгар телеграфнай сибээс станцията арыллар.
  • 1911 сыллахха Дьокуускай куорат 50 нүэмэрдээх телефоннай станция үлэтин саҕалыыр.
  • 1937 сыллахха Москваны кытта холбуур телефоннай сибээс үлэтин саҕалыыр.
  • 1967 сыллахха "Орбита" станция үлэтин саҕалыыр - Москваны кытта спутник нөҥүө элбэх киһи кэпсэтэр станцията арыллар.
  • 1983 сыллахха ирбэт тоҥугар бастакы 241 миэтирэ улахан телевизионнай вышка үлэтин саҕалыыр.
  • 1994 сыллахха Россия куораттарыттан бастакылартан биирдэстэринэн - GSM 900 стандарттаах 1000 нүөмэрдээх сотовай сибээс үлэтин саҕалыыр.
  • 1997 сыллахха Интернетка холбуур ханаал арыллар.
  • 2006 сыллахха "Дальсвязь" "Сахателеком" хампаанньаны 51% атыылаһар, 2009 сыллахха ону 100% тиэрдэр.
  • 2011 сыллахха Ростелеком хампаанньа Дальний Восток филиала буолар.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]