Ренат Хойбергер

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ренат Хойбергер
ааҥл. Renat Heuberger
Үлэтэ:

түмэт урбаанньыт, менеджер

Төрөөбүт күнэ:

18 ахсынньы 1976({{padleft:1976|4|0}}-{{padleft:12|2|0}}-{{padleft:18|2|0}}) (47 саастаах)

Төрөөбүт сирэ:

Цюрих

Дойдута:

Швейцария

Ренат Хойбергер (ааҥл. Renat Heuberger; төр. ахсынньы 18 күнэ 1976 сыл, Цюрих, Швейцария) — Швейцария урбаанньыта уонна менеджерэ, South Pole Group тэрийсээччитэ уонна салайааччыта; Австрия Climate Friendly Pty[1] хампаанньатын уонна Вьетнам VNEEC[2] дириэктэрдэрин Сэбиэтин чилиэнэ; парник гаазтарыгар эксперт[3][4][5].

Биографията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ренат Хойбергер 1976 сыллаахха ахсынньы 18 күнүгэр Цюрихха (Швейцария) төрөөбүтэ.

Оҕо сааһыттан суруналыыс буолар баҕалаах эбит[5].

Уон алта сааһыгар, Индонезияҕа Swisscontact Швейцария техника кооперациятын пуондатыгар үлэлээн баран, Ренат ааҥл. World Student Community on Sustainable Development тэрийсээччитэ буолбут, ааҥл. Seed Sustainability платформа оҥоһуллуутугар кыттыбыта[6][4][5].

Хойбергер Цюрихха Швейцария үрдүкү техниическэй оскуолатыгар тулалыыр эйгэни харыстааһын уобалаһыгар номуука магиистирэ буолбута[7].

Ол кэннэ Франция INSEAD биизинэс-оскуолатыгар түмэт урбаан (фр. Social Entrepreneur Programme, Халыып:Lang-fr2) куурустарыгар үөрэммитэ[7][4].

2002 сыллаахха Хойбергер (CEO) myclimate коммерцията суох тэрилтэ тэрийсээччитинэн уонна салайааччытынан буолбута, бу тэрилтэ килиимэт уларыйыытын уобалаһыгар методтары уонна ыстандаартары оҥорор[7][3][4][5].

Myclimate тэриллиэҕиттэн ыла Хойбергер ООН раамочнай кэнбиэнсийэтин иһинэн ыытыллар тэрээһиннэри актыыбынайдык өйүүр, бастайааннай кыттааччы уонна спикер буолар. Ити тиэмэни сайыннаран, 2013 сыллаахха Давоска Бүтүн аан дойду экэниэмикэтин фуорумугар дакылаат аахпыта (ааҥл. Shifting Fortunes: Towards a New Climate Framework?)[8].

2006 сыллаахха, Патрик Бюрги (ниэм. Patrick Bürgi), Томас Камерата (ааҥл. Thomas Camerata) уонна Кристоф Саттер буолан, South Pole Carbon Asset Management, Ltd. (билигин South Pole Group) хампаанньаны тэрийэр уонна салайсар, хампаанньа парниик гаазтара тахсыыларын аччатыы, эмииссия квоталарын атыылааһын уонна бэйэтин уобалаһыгар консаалтинг өҥөлөрүн бырайыактарынан дьарыктанар[5].

2012 сыллаахха CEO хампаанньа буолбут.

Награадалара уонна премиялара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

2011 сыл ахсынньы 13 күнүгэр Ренат Хойбергер Кристоф Саттеры кытта, Шваб Пуондатынан, South Pole Carbon Asset Management хампаанньаҕа үлэтин иһин, сыл түмэт урбаанньытынан ааттаммыта[9].

Библиография[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Renat Heuberger, Alan Brent, Luis Santos, Christoph Sutter, Dieter Imboden, «Evaluating projects that are potentially eligible for Clean Development Mechanism (CDM) funding in the South African context: A case study to establish weighting values for sustainable development criteria», ETH, doi:10.3929/ethz-a-004498711, 2003.
  • Heuberger R, Thomas F, «Quality standards for micro-climate protection projects»"Qualitäts-Standards für Mikro-Klimaschutz-Projekte", Umwelt-Fokus, 2004.
  • Heuberger Renat, Brent Alan, Santos, Luis, Sutter Christoph, Imboden Dieter, «CDM Projects under the Kyoto Protocol: A Methodology for Sustainability Assessment — Experiences from South Africa and Uruguay», «Environment, development and sustainability : a multidisciplinary approach to the theory and practice of sustainable development», Springer, doi:10.1007/s10668-005-9002-7, 2007.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Көр Climate Friendly Board of Directors Архыыптаммыт 2012, Атырдьах ыйын 14 күнүгэр..
  2. Көр Members of the Board of Director (VNEEC).
  3. 3,0 3,1 Executive Profile Renat Heuberger(ааҥл.). Bloomberg. Тургутулунна 18 Ыам ыйын 2015.
  4. 4,0 4,1 4,2 4,3 Renat Heuberger(ааҥл.). Шваб түмэт урбаанын пуондата (2011). Тургутулунна 18 Ыам ыйын 2015.
  5. 5,0 5,1 5,2 5,3 5,4 Katarzyna Negacz. The Making of South Pole Carbon: How to Become a Social Entrepreneur?(ааҥл.) (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 18 Ыам ыйын 2015.
  6. См. ETH Seed Sustainability.
  7. 7,0 7,1 7,2 Renat Heuberger(ааҥл.). Всемирный экономический форум. Тургутулунна 18 Ыам ыйын 2015.
  8. См. Shifting Fortunes: Towards a New Climate Framework?.
  9. Christoph Sutter and Renat Heuberger awarded as Swiss Social Entrepreneurs of the Year 2011(ааҥл.). Шваб түмэт урбаанын пуондата (Всемирный экономический форум) (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 18 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]