Буоратай
| Охлопков Егор Герасимович | |
| 200px | |
| Суруйар ааттара: |
Буоратай |
|---|---|
| Төрөөбүт күнэ: |
1897.01.05 |
| Төрөөбүт сирэ: | |
| Өлбүт күнэ: |
1974 с. |
| Дойдута: |
Россия империята, ССРС |
| Дьарыга: |
олоҥхоһут, суруйааччы |
| Жанр: |
олоҥхо |
| Айымньыларын тыла: | |
Буоратай, Охлопков Егор Герасимович (1897.01.05 — 1974) — олоҥхоһут. 1939 сылтан ССРС СС (Суруйааччылар Союзтарын) чилиэнэ.
Нам улууһугар Көбөкөн нэһилиэгэр 1897 сыллаахха тохсунньу 5 күнүгэр төрөөбүт. Эһэтэ Охлопков Дьаакып олоҥхоһут бэрдэ эбитэ үһү.
Егор Герасимович ыраас тутуулаах мас ууһун быһыытынан биллэр. 1919—21 сс. — Нам улууһун ревкомитет чилиэнэ. 1925—27 сс. — нэһилиэк Сүбэтин тойоно. Үүт-табаар пиэрмэтин салайааччыта, биригэдьиир, уус уонна колхоз тойоно этэ. Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэр үлэ фронугар үлэлээбитэ. Кини тутуспут дьиэлэрэ Граф Биэрэгэр, Намҥа музыкальнай оскуола буолан хойукка диэри турбуттара.
17 сааһыттан кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ дьон-сэргэ ортотугар улахан түмсүүлэргэ ыллыыр, олоҥхолуур буолбут. Кини "Сир үрдүттэн сидьиҥнэри сиппийиэҕиҥ!" айымньыта 1938 с. тахсыбыта. Киниттэн "Ала кэрэ аттаах Алантай Боотур" уонна "Үрүҥ Уолан бухатыыр" олоҥхолору суруйан ылбыттар.
Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Егоров А. Протодьяконов В., Павлова В. Писатели Якутии: Биобиблиогр. справочник. — Якутск: Кн. изд-во, 1981. — 271 с.
- Кириллин Д.В., Павлова В.Н., Шевков С.Д. Писатели земли Олонхо: Биобиблиогр. справочник. — Якутск: Бичик, 1995. — 304 с.
- Охлопков Е.Г. туһунан Олоҥхо тыйаатырын ситим-сиригэр