Мохсуо бырахсыы

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сахалар олус былыргы оонньуулара мохсуо бырахсыы диэн ааттанар.

Кыра төгүрүк мас лэкээлэрин туруортаан баран тэйиччи сиртэн эпчиргэ маһынан таба быраҕан кыйыа, хааччах иһиттэн таһыгар таһаартыыр оонньуу аата мохсуо бырахсыы диэн буолар.

Сахалар уол оҕолору үөрэтэр үөрэхтэригэр мохсуо бырахсыы диэн оонньуу биир сүрүнүнэн киирсэр. Бу оонньуу оҕо күүһүн эрчийэрин таһынан табан хамсанарын, таба быраҕарын сайыннарар.