Массыына (көлө)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Benz Auto, 1886
Массыына

Массыына диэн дьоннору таһар транспорт арааһа. Массыына үксүгэр түөрт көлүөһэлээх буолар уонна ис умайыылаах хамсатааччылаах буолар. Атын аатынан автомобиль гириэк тылыттан авто уонна француз тылыттан мобиль, ол аата "бэйэтэ хамсыыр" диэн тылбаастанар, тоҕо диэн ат эбэтэр хамсыырга атын күүс суох буоларыттан инньэ дииллэр.

Араастара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сорох кыра куоракка анаммыт массыыналар иккиттэн түөрт киһини сатаан киллэрэллэр, таһаҕаска кыра соҕус миэстэ баар буолар. Сорох атын массыыналар элбэх киһини эбэтэр таһаҕаһы ылыахтарын сөп.

Массыына үлэлииригэр оттук наада буолар. Ордук тарҕаммыт оттугунан бензин буолар. Сороҕор гаас эбэтэр электричество уотугар айанныыллар. Сорох массыына оҥорор хампаанньалар водородунан айанныыр массыыналары айбыттара, оччоҕуна туох да киртийбэт, ол гынан баран сыаната улахан буолан киэҥ тарҕабылы ыла илик.