Кырса Сөдүөт (Ф. С. Семенов)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Федот Семенович Семенов1888 сыллаахха Орто Бүлүү улууһугар Сымалыр Дьөккөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини хос эбээтэ сыльнай нуучча, Бүлүү уокуругар ыытыллыбыт. Суол ортото ыалдьан Сымалырга хаалбыт. Иннэ кини сахаҕа кэргэн тахсыбыт. Үс оҕону төрөппүт. Аҕатын өлбүтүн кэнниттэн Федот ийэтин уонна балтытын Катеринаны кытары Аһахтааччы иккис Лүүчүн нэһилиэгэр коспүттэрэ. Аҕата Кырса Дьаакып диэн ааттаах (Яков). Федотка аҕатын хос аатын иҥэрэннэр, кыра эрдэҕиттэн Кырса диир эбиттэр. Федот инник дииллэрин сөбүлүүр эбит. «Кырса маҥан кылааннаах түүлээх кыылга тэннээх Кырса Сөдүөт буолабын» диэн этэр үһү.

Ф.С.Семенов кыра эрдэҕиттэн өйдөөх, тылы бэркэ туттар, эйэҕэс майгылаах этэ. Кини улахан, дьоһуннаах куоластаах эбит. 1920 сыллаахха П.И.Гоголева диэн кыыһы кэргэн ылбыт.

Биллиилээх ырыаһыттары кытары күрэхтэһэн, уонна олонхо ырыаларын, көмөтүнэн кини үтүөкэн ырыаһыт-туойааччы, олонхоһут буолбут. Мээнэҕэ эппэттэр «Олонхоһут үтүөтэ Кырса Сөдүөт дуо?». Кини бэйэтин кэнниттэн элбэх айымньы хаалларбыт. Холобур: «Биэ көлөлөөх Бэйбэлдьи бухатыыр», «Кыыс Кыскыйдаан», «Эллэй уонна Омоҕой» диэн ырыа, уонна тойуктара - «Ытык уот», «Кыыс», «Ынах», «Суол», «Күөл», «Хатыҥ» уонна да атыттар.

Кырса Сөдүөт, дьиннээх норуот олонхоһута, истиҥ, дууһаны таарыйар тойуктары туойар уһу. Тойуктара араас ис хоһоонноох буолаллар. Олус элбэх былыргы сэһэни билэр эбит, урукку сахалар хайдах олорбуттарын, нэһилиэктэри, ойууннары, Саха сирин атын оройуоннарын билэр эбит.

50-с сылларга, колхоз холбуһарыгар, кинини кулууптарга ыҥыран олонхону тойотоллор уһу. Олорон эрэн туойара, атаҕын биир атаҕыгар ууран баран, аҥаар кулгааҕын сабан баран. 1952 сыллаахха Сэбиэскэй Армия уонна байыаннай-морской флот куннэригэр «Улуу кыайыыны аатырдабын!».

Кини народнай целитель: кыаннан эмтиир, хаан сүүрдүүтүнэн дьарыктанар, массаж онорор, уҥуох коннорор, оҕо төрөтөөһүнүгэр көмөлөһөр, уонна сүөһүнү эмтиир эбит. Кини барытын сатыыра. Олус үтүө киһи, бары кинини убаастыллара. Сэрии кэмигэр Мастаахха сельхоз сэбиэтигэр үлэлээбитэ.

Хомойуох иһин, уолаттара бары кыра эрдэхтэринэ өлбүттэрэ. Билиҥҥи кэмҥэ улахан кыыһа уонна сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Кэбээйигэ, Мастаахха, Мукучуга, Бүлүүгэ бааллар.