Кырдьыктабыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кырдьыктабыл диэн биир тутаах үтүө; философия, сигили, төрүн, политика биир тутаах категорията. Кырдьыктабыл түмэт бигэ туругар, сурумугар, сайдыытыгар улахан суолталаах. Кырдьыктабыллаах илгэ үчүгэй быһыы-майгы хайҕанар, куһаҕан быһыы-майгы сэмэлэнэр. Кырдьыктабыл тус бэйэ уонна бар дьон кэрэхсэбиллэрин тэҥниир, кимиэхэ төһө тиксэрин быһаарар, баай-дьадаҥы хайдыһыытын намтатар.

Платон быһаарыытынан, кырдьыктабыл үрдүкү үтүө буолар. Кини хорсун, туттунуу, билиилик курдук үтүөлэри тэҥнэбиллээн дьүөрэлээн бииргэ тутар (хас биирдиигэ киниэнэ). Ил тутула кырдьыктабыллаах буоллаҕына эрэ кини куомуннаахтара "биир куттаах" (homonoia) уонна доҕордуу (philia) буолаллар.