Дойдулар ардыларынааҕы хайа күнэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сир саамай үрдүк хайата — Эверест

Дойдулар ардыларынааҕы хайа күнэ (ХНТ тылларынан:Международный день гор, ааҥл. International Mountain Day, исп. Día Internacional de las Montañas, фр. Journée internationale de la montagne, кыт. 国际山岳日) — ХНТ Сүрүн Ассамблеятын быһаарыытынан (2002 сыл ахсынньы 20 күнүгэр 78-с пленарнай мунньаҕар ылыммыт № A/RES/57/245 өрөсөлүүссүйэтэ) Хайа сылын түмүктүүр мунньахха ылыныллыбыт. Сылын ахсын 2003 сылтан ахсынньы 11 бэлиэтэнэр.

Өрөсөлүүссүйэҕэ аан дойду үрдүнэн хайалаах эрэгийиэннэр бигэтик сайдалларыгар анаммыт тэрээһиннэри бу күн тэрийиҥ диэн сүбэлэнэр.