Галибаров Юсуп Гайнуллинович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Галибаров Юсуп Гайнуллинович (олоҕун сыллара биллибэт) — Саха сиригэр Гражданскай сэрии саҕана үрүҥ бастаанньыттары тэрийсибит атыыһыт.

Галибаров Ю. Г. кимтэн-хантан төрүттээҕэ, хаһан төрөөбүтэ биллибэт. В. И. Пестерев «Амга в вихре гражданской» кинигэтигэр суруллубутунан кини 1904 сыллаахха ыраахтааҕы аармыйатыгар сулууспалаан баран эргиэнинэн-атыынан дьарыгырбыт. Алдан-Маайа улууһугар эргиммит, онно олорор нэһилиэнньэҕэ олус улахан сабыдыалламмыт. Байбыт-кыаҕырбыт.

1921 сыл атырдьах ыйыгар Дьокуускайтан күрээбит военспец-офицердар кинини бэйэлэрин диэки тардыбыттар. Инньэ гынан Ю. Г. Галибаров үрүҥ повстанчествоны Саха сиригэр тэрийбит дьонтон биирдэстэринэн буолан тахсыбыта. Повстанчество кэнниттэн пепеляевщина да кинини тумнубатаҕа сэрэйиллэр.

Ю. Г. Галибаров омугунан татаар этэ. Сахатыйбыт татаар эбит буолуохтаах. Ааспыт ХХ үйэҕэ, 1982 сыллаахха Амматтан сылдьар биир 60-ча саастаах киһи сэһэнинэн Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии иннинэ Галибаровы биир Бэс Татаар диэн киһи арыгылаан баран кыыһырсан быһаҕынан анньан өлөрбүт. Ол Бэс Татаар уруккута кыһыл партизан эбит. Ол иһин буруйу-сэмэни ылбатах. Бу сэһэн кырдьык буоллаҕына, оччолорго урут сэбиэскэйи утарса сылдьыбыт дьоҥҥо сыһыан олус хаҕыс уонна кырыктаах эбит дииргэ сөптөөх.

Ю. Г. Галибаров олоҕун туһунан сиһилии сэһэн суох. Ол эрээри кини бэйэтин кэмигэр киэҥник биллэ-көстө сылдьыбыт киһи эбит[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Саха чаҕылхай уолаттара. Ылдьаа Колосов.