Былыт

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Халлааҥҥа былыттар

Былыт диэн салгыҥҥа баар көстөр уу. Былыттан хаар уонна ардах түһэр.

Сиргэ баар уу паар буолан халлааҥҥа тахсар. Үөһэ халлааҥҥа тымныыгар уу муус кристалларыгар кубулуйар, ол хомуллан ардах эбэтэр хаар буолан түһэр. Түһэн баран эмиэ халлааҥҥа паар буолан тахсыан сөп. Ону уу цикла диэн аттааччылар.

Салгыҥҥа киһи көрбөт уу кыырпахтара син биир баар буолар. Салгыҥҥа уу сатаан турбат буоллаҕына былыттарга мунньустар. [1]

Сылаас салгыҥҥа элбэх уу хараныан сөп. Тымныы буоллаҕына оннук элбэх хараныллыбат.

Былыттар олус улахан ыйааһыннах буолаллар. Уутун массата хас да мөлүйүөн тонна буолуон сөп.

Былыттар араастара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Викторияҕа перисто-кучевой былыттар
Семейства Род
Үрдүкү ярус былыттара(орто широталарга 6-ттан 13 км дылы буолар) Перистай былыттар (Cirrus, Ci)
Перисто-кучевой былыттар (Cirrocumulus, Cc)
Перисто-слоистай былыттар (Cirrostratus, Cs)
Орто ярус былыттара.(орто широтаҕа 2-ттэн 7 км дылы) Үөһээ-кучевой былыттар (Altocumulus, Ac)
Үөһээслоистай былыттар (Altostratus, As)
Аллараа ярус былыттара (орто широтаҕа 2 км дылы) Слоисто-ардахтаах былыттар (Nimbostratus, Ns)
Слоисто-кучевой былыттар (Stratocumulus, Sc)
Слоистай былыттар эбэтэр Чалах былыт (Stratus, St)
Тура сайдар былыттар (конвекция былыттара) Кучевой былыттар (Cumulus, Cu)
Кучево-ардахтаах былыттар (Cumulonimbus, Cb)

Өссө Даҥ хара былыт - олус хара, ыһырыктыйбыт хараҥа былыт[2].

Саха былыты араарыыта[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Босхо былыт - кыра лоскуй былыт
  • Итир былыт - үөһэнэн сылдьар үрүҥ чараас кэрдиистиҥи көрүҥнээх уһун синньигэс былыттар
  • Күдэн былын (күдэрик, күдээр) - тумаҥҥа маыйгынныыр, намыһыах, түргэнник устар былыттар
  • Сатыы былыт - намыһаҕынан устар былыттар
  • Сис былыт - кыһын ортотугар (тохсунньу эргэтигэр) кэлэр хас да хонуктаах былыт, ол былыт кэлиэҕиттэн ыла тымныы мөлтүүр.
  • Сыстаҥ былыт - кэлим ардах былыта кэлиэн иннинэ киистэнэн субуйа тарпыт курдук чараас былыттар
  • Таҥалай (тараах) былыт - сайыҥҥы логлоруттаҕас, өрүтэ өрөһөлөммүт үрүҥ былыттар
  • Тор былыт - ардах былыта (быстах былыт)
  • Уулаах былыт - харааран көстөр, ардыахтаах кэлим былыт
  • Чуо булут - соҕотох тоҥ былыт
  • Этиҥ былыта - хараҥа өҥнөөх олус халыҥ, этиҥнээх, чаҕылҕаннаах, дохсун ардахтаах, үкүсүгэр күүстээх тыаллаах былыт
  • Дабды самыыр - бөдөҥ таммахтардаах ардах.
  • Даҥ хара былыт - олус хара, ыһырыктыйбыт хараҥа былыт.

Галерея[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бэлиэ курдук[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Библияҕа, былыттар Таҥара баарын туһунан бэлиэ буолар.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Oard, Michael (1997). The Weather Book. P.O. Box 126, Green Forest, AR 72638: Master Books. ISBN 0-89051-211-6. 
  2. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. III туом, Новосибирскай, Наука, 2006 ISBN 5-02-032332-2