Аргунов Иннокентий Корнилович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аргунов Иннокентий Корнилович, (1911 с. алтынньы 2 күнэ Игидэй с., Таатта оройуона, Саха АССР1996 с.), Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учууталаСунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.[1][2]

Олоҕун олуктара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1911 сыллаахха Таатта оройуонугар төрөөбүтэ. Кыра кылаастарга үөрэнэ сырыттаҕына биир бириэмэҕэ суруйааччы Николай Денисович Неустроев кинини үөрэппит түгэннээх эбит. Чөркөөххө, 5 кылааска Суорун Омоллооҥҥо үөрэммит. Иннокентий Корнилович бэйэтэ ахтарынан , 1930 сыллаахха үөрэҕэ суохтары үөрэхтээһиҥҥэ ликбезкэ учууталлаабыт, 7 кылааһы бүтэрбит эдэр киһини 2 ыйдаах учуутал куурсугар ыытан үөрэттэрбиттэр, ол кэннэ Даркылаахха иккис кылааска 30 оҕону үөрэппит.

1937-1938 сс. -учууталлыыр үлэтин салҕыырын быыһыгар, учительскай институту үөрэнэн бүтэрбитэ.

!;ҥө сыл - Иннокентий Корнилович Сунтаар оройуонугар көһөн кэлбитэ, сити кэмтэн ыла пенсияҕа тахсыар диэри, 55 сыл устатыгар үүнэр көлүөнэни үөрэтиигэ-иитиигэ туох баар билиитин, сатабылын ууран үлэлээбит.

1946-1953 сылларга - Сунтаар орто оскуолатын завуһа[3].

1953 сыл - Сунтаардаа5ы районо сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.

1954-1957 сс. - Сунтаар бастакы нүөмэрдээх оскуолатын дириэктэринэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Бэ кэмҥэ оскуолаҕа сибэкки уонна оҕуруот аһын үүннэрэр учаастак олус үчүгэйдик үлэлээбитэ (учуутал Павлов Н.Е.). Кыраайы үөрэтэр музей үлэтэ саҕаламмыта. Музейга анаан сэдэх, сыаналаах экспонаттар хомуллубуттара, ол иһигэр сайыҥҥы ат толору көмүс сэбиргэлэ. Кини үлэлээн ааспытын туһунан бу оскуолаҕа харалла сытар музейнай матырыйааллар толорутук кэпсииллэр. Сунтаар 1 №-дээх оскуолаҕа үлэлээбит аҕа көлүөнэ педагогтар ортолоругар Аргунов И.К. уһулуччу уонна ураты миэстэни сокуоннайдык ылар[2]

1958 с. - госинтернакка иитээччи.

1966-1987 сс - Сунтаардааҕы санаторно-лесной оскуолаҕа иитээччи.

Наҕараадалара, ытык ааттара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала

- «Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл

- Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо[4]

Кини туһунан[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

- Аргунова С., Кини олоҕо - Саха сиригэр үөрэҕирии сайдыытын кэрэһитэ. 100 сыллаах үбүлүөйүгэр. [СӨ үтүөлээх учуутала Аргунов Иннокентий Корнилович туһунан] - : , //Кыым. . - 2011. - Алтынньы 6 күнэ-С. 14;

- Бэлиэ Бичик, Саха саарыннарыттан кынаттанан. [өр сылларга үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит Иннокентий Корнилович Аргунов туһунан, Сунтаар улууһа] - : , //Саха сирэ. . - 2020. - Тохсунньу 16 күнэ (N 2)-С. 42;

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Педагогическая энциклопедия / М-во образования Респ. Саха (Якутия) ; [науч. ред.: Михайлова М. Г. д.п.н., проф ЯГУ, Петрова С. М. д.п.н., проф. ЯГУ ; сост. Иванова В. С.]. - Якутск, Т. 1. - 2000. - 323 с.
  2. 2,0 2,1 Кыайыыны, олоҕу уһансыбыттара: Сунтаар улууһун бочуоттаах уонна үтүөлээх үлэһит дьоно / хомуйан оҥордулар: Н.Н.Спиридонов, А.К.Васильев; эп.эрэд: Т.Н.Иванова уо.д.а. – Дьокуускай : Чопчу, 2020. – 464с.
  3. Первая улусная школа Якутии: документы, фотографии, воспоминания о Сунтарской средней школе №1 имени А.П.Павлова (1862-2012)/МБОУ "Сунтарская СОШ №1 имени А.П.Павлова"; [сост.А.С.Матвеев и др; гл.ред. З.И.Игнатева]. - Якутск:Компания "Дани Алмас", 2012. - 111-112 с.
  4. Сунтаар улууһугар үөрэҕирии сайдыыта / [хомуйан оҥорон бэчээккэ бэлэмнээтилэр: И.Т.Назаров, Н.И.Алексеев ; эппиэттиир ред. М.И.Аввакумова]. – Дьокуускай : Бичик, 2009. – 272 с.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]