Айа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Айа - булка туттуллар тэрил. ох саа курдук оноҕос тэбэр. Тиит киилиттэн оҥоһуллар уонна биир мастан турар, ох сааттан уратыта: модьу систээх, уустуга суох. Куобахтан тайахха тиийэ бултууллар эбит айаннан. Оноҕоһо сытыы тимир ырбалаах буолар.

  • Айа кирсэ - айа чаачарын тардар быата (үкүсгэр эриллибит бөҕө тирии)
  • Айа көхсө, чаачара - айа сиһэ, маһа, тэбэр күүһү биэрэр сүрүн чааһа.
  • Айа кылыыта - таарыйдахха айаны эһэр, үрүҥ кылынан оҥоһуллубут синньигэс быа.
  • Айа кэнитигэ - айа кылыытын тардан баран биир өттүн баайар (иҥиннэрэр) туруору анньыллар кэрдиистээх мас (тоһоҕо).
  • Айа холото - айа ханнык булка иитиллэриттэн көрөн, үрдэтэн, намтатан биэрэр аналлаах, үүттээх, кэрдиистээх, үөһээ өттө ачаахтаах мас[1]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Булчут кинигэтэ. Хом. В. Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.93