Тайах

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Тайах

Тайах (лат. Alces alces) - бөдөҥ кыыл. Ыыраахтаах туйахтаахтар Табатыҥылар кэргэннэрин Тайахтар уустарыгар киирэр.

Этэ-сиинэ бөдөҥ, модьу-таҕа. Төбөтө улахан, атахтара уһуттар, сиһэ этигэр-сиинигэр тэҥнээтэххэ кылгас. Тыһыта муоһа суох.

Саха сирин ойуурдаах сирдэригэр барытыгар баар, сайын сорох сиринэн туундараҕа кытта киирэр. Ахсаана 1960-70 сс. 50 тыһ. кэриҥэ этэ, 1976 - 78 тыһ., 1992 - 60 тыһ., 1999 - 40-50 тыһ.

Тайах ааттара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сааһын туола илик тайах оҕотун ньаргы диэн ааттыыллар[1].

Аараҕай тайах (аар тайах) - кырдьаҕас улуу кыыл. Буур тайах - баараҕай атыыр тайах. Дуул тайах - дуолан тайах. Лөкөй тайах - сиппит атыыр тайах. Ойдоох буурай тайах - адаархай улахан муостаах тайах. Үөҥэс тайах - үс-түөрт саастаах тайах[2].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта.VII туом, Новосибирскай, Наука, 2010
  2. Булчут кинигэтэ. В.Н. Сивцев. Дь. Бичик, 2017, С.51