Kaiser Permanente

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Kaiser Permanente (Кайзер Перманенте) — АХШ саамай бөдөҥ чааһынай балыыһата, сетевой балыыһа буолар. Уопсайа 953 балыыһалаах уонна 12 штаттарга үлэлиир, сүрүннээн үгүс точкалара Калифорнияҕа (Окленд) баар.

Америка таһынан филиаллара Соҕуруу Кореяҕа, Мексикаҕа, Канаадаҕа, Германияҕа, Кытайга, Дьоппуон дойдуларга үлэлиир.

Уопсайа Америкаҕа 22 мөллүйүөн клиеннардаах, сир шаарын үрдүнэн 31 мөллүйүөн.

Kaiser Permanente сетевой балыыһалара харысхал систематынан үлэлииллэр, ол курдук Medicaid (Fidelis Care, EmblemHealth), Medical, Medicare, WellCare программа кыттыылаахтара босхо көрдөрүнэллэр уонна эмтэнэллэр.


Тарифтара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Босхо эмтэнэр уонна көрдөрүнэр программаҕа хабыллыбат буоллаххына, төлөбүрэ 2022 сыллаахха:

  • Быраастан ыйытыы - 150$
  • Быраас бириэмэтин бараабытын иһин эйиэхэ - 80$
  • Тиис туурдарыы - 150$
  • Тиис пломбированията - 1200$
  • Араас анализтар - 470$
  • Араас хирургическай операция оҥоруу - 70000$
  • Онкология эмтэнии - 90000$ + 800$ күҥҥэ палатаҕа сытаргын иһин
  • Өллөххүнэ - 0$ босхо, ол иһин харчы ылаарылар эмтии сатыыллар.

Kaiser Permanente Аан Дойдуга биир лидер дьону эмтииринэн уонна саамай кыра көрдөрүлээх дьон өлүүтүнэн. Премиум балыыһалар ахсааннарыгар киирэр.