Ороһуоспа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ороһуоспа диэн христиан итэҕэлигэр Исус Христос төрөөhүнүн бэлиэтиир күн. Грегориан халандаарынан ахсынньы 25 ылыллар. Cорох илин христиан таҥара дьиэлэрэ Ороhуоспаны тохсунньу 7 бэлиэтииллэр (Юлиан халандаарынан).

Ороhуоспа төрүкү христиан бэлиэ күнэ эрээри, билигин аан дойдуга барытыгар киэҥник бэлиэтэнэр, христиан буолбатах да дьон эмиэ сөбүлээн бэлиэтииллэр.

Ороhуоспа биллэр үгэстэрэ: дьон бэйэ бэйэлэригэр бэлэх бэрсэллэр (оҕолорго бэлэхтэри Санта Клаус аҕалар), эҕэрдэлээх хаарталарынан атастаhаллар, таҥара дьиэтигэр сылдьаллар, уруу-аймах дьон бииргэ мусталлар, ас астыыллар, ороhуоспа маhын киэргэтэллэр, дьиэ иhигэр уонна таhырдьа уоттары уонна гирляндалары ыйыыллар.

Тус бэйэ туттар туруоруулара
Аат даллара

Барыллар
Дьайыылар
Навигация
Үнүстүрүмүөннэр
Үнүстүрүмүөннэр
Атын омук тылынан