Брижит Бардо

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Брижит Бардо (2005)

Брижи́т Анн-Мари́ Бардо́ (фр. Brigitte Anne-Marie Bardot, балаҕан ыйын 28 күнүгэр 1934 сыллаахха төрөөбүт) — француз киинэтин артыыската уонна фотомодель, кыыллар бырааптарын көмүскүүр хамсааһын кыттааччыта. 1950-с сылларга Европаҕа секс-символ быһыытынан биллэрэ (Америкаҕа Мэрилин Монро курдук).

Биографията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Брижитт Бардо балаҕан ыйын 28 күнүгэр 1934 с. Париж куоракка Луи Бардо диэн бизнесмен дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн балетынан дьарыктанара. 1950 с. "Эль" сурунаал ("ELLE") № 232 обложкатыгар тахсыбыта, ону Марк Аллегре режиссер көрөн кинопробаҕа ыҥырбыт.[1] 1952 с. аан бастаан киинэҕэ уһуллар (Le Trou Normand). Ол сыл эдэр режиссер уонна суруналыыс Роже Вадимҥа кэргэн тахсар. Роже Вадим кинини бэйэтин киинэтигэр устар «[[И Бог создал женщину (киинэ, 1956)|И Бог создал женщину]]» (1956). Ол саҕанааҕы уопсастыба киинэ 18 саастаах аһаҕас таҥастаах, сүөргү быһыылаах Жюльет диэн героинятыттан шок ылар.

1960-с сылларга Бардо бэйэтигэр барсар оруоллары оонньуур инженю уонна женщина-вамп амплуаларыгар, ол гынан баран аата-суола улам сөҕүрүйэр. 1966 с. Голливудка киинэҕэ уһуллар («Милая Брижит»). Түөрт уон сааһын туолар сылыгар Бардо киинэҕэ уһуллан бүппүтүн туһунан биллэрэр уонна кыыллар бырааптарын иһин охсуһууну бэйэтин олоҕун сыалынан талар.

Олоҕо[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1957с. Вадимтан арахсан баран, Бардо икки сыл "И Бог создал женщину" киинэҕэ бииргэ уһуллубут киһитин кытта Жан-Луи Трентиньянныын олорор.
1959 с. Жак Шарье диэн артыыска кэргэн тахсар, киниттэн 1960 с. Николя диэн уолу төрөтөр. Арахсыбыттарын кэннэ оҕо Шарье дьиэ кэргэнигэр ииттэрэ бэриллибит.
француз музыканнарын Саша Дистели, Боб Загури уонна Серж Гейнсбурдуун көрсүүлэспит (кинилиин хас да хит буолбут ырыалары суруттарбыт, холобур «Я тебя люблю… я тоже нет» (Je t’aime… moi non plus), кэлин бу ырыаны Гейнсбур Джейн Биркин диэн ырааһыты кытта толорбута).
Сак Гюнтер диэн ниэмэс миллионерыгар кэргэн тахса сылдьыбыта (1966-1969).[1][2]
1992 с. Бардо Бернар д'Ормалга кэргэн тахсыбыт. Билигин да бииргэ олороллор.

Киһини умсугутар чахчылартан[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Брижит Бардоны эдэр Джон Леннон кыраһыабай дьахтар идеалынан ааҕар эбит[2]. Биэһуонус сыллар символларын быһыытынан хас да ырыаларга ахтыллар, холобур Боб Дилан уонна Элтон Джон хиттарыгар.
  • Бардо бикини купальнигы муодаҕа киллэрбит киһиннэн ааҕыллар (Кааннааҕы кинофестивальга оннук таҥастаах сылдьыбыт).
  • 1990-с сыллартан Брижит Бардо наһаа консервативнай позициятынан уонна иммиграан мусульмааннар, гомосексуалистар тустарынан куһаҕаннык ахтыбытынан биллэр.
  • Вегетарианка.

Артыыс быһыытынан үлэлэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • 1952 — Манина, девушка без покрывала / Manina, la fille sans voile
  • 1952 — Большие зубы / Les dents longues
  • 1952 — Нормандская дыра / Le trou normand
  • 1953 — Портрет его отца / Le portrait de son père
  • 1953 — Акт любви / Un acte d'amour
  • 1954 — Ночь любви / Tradita
  • 1954 — Любовь в Версале / Si Versailles m'était conté
  • 1955 — Уличный свет / La lumière d'en face
  • 1955 — Будущие звёзды / Futures vedettes
  • 1955 — Сыновья Каролин / Le fils de Caroline chérie
  • 1955 — Доктор на море / Doctor at Sea
  • 1955 — Большие манёвры / Les grandes manoeuvres
  • 1956Прекрасная невеста / La mariée est trop belle
  • 1956 — Елена Троянская / Helen of Troy
  • 1956Грязная девчонка / Cette sacrée gamine
  • 1956 — Мой дорогой Неро / Mio figlio Nerone
  • 1956Мадемуазель Стриптиз / En effeuillant la marguerite
  • 1956 — …И Бог создал женщину / Et Dieu... créa la femme
  • 1957 — Парижанка / Une parisienne
  • 1958 — Небо рухнуло ночью (Ювелиры Лунного Света)/ Les bijoutiers du clair de lune
  • 1958 — В случае несчастья / En cas de malheur
  • 1959 — Женщина-дьявол / La femme et le pantin
  • 1959 — Бабетта идёт на войну / Babette s'en va-t-en guerre
  • 1959 — Потанцуете со мной? / Voulez-vous danser avec moi?
  • 1960 — Ночной роман / L' affaire d'une nuit
  • 1960 — Истина / La vérité
  • 1961 — Пожалуйста, не сейчас / La bride sur le cou
  • 1961 — Знаменитые любовные истории / Amours célèbres
  • 1962 — Частная жизнь / Vie privée
  • 1962 — Отдых воительницы / Le repos du guerrier
  • 1963 — Презрение / Le mépris
  • 1964 — Очаровательная идиотка / Une ravissante idiote
  • 1965 — Вива, Мария! / Viva Maria!
  • 1966Marie Soleil
  • 1966 — Мужское-женское / Masculin féminin: 15 faits précis
  • 1967 — Две недели в сентябре / À coeur joie
  • 1968 — Три шага в бреду / Tre passi nel delirio
  • 1968 — Шалако / Shalako
  • 1969Медведь и кукла / L' ours et la poupée
  • 1969 — Женщины / Les femmes
  • 1970 — Послушницы / Les novices
  • 1971 — Бег вдоль бульвара / Boulevard du rhum
  • 1971Нефтедобытчицы / Les pétroleuses
  • 1973 — Дон Жуан-73 / Don Juan ou Si Don Juan était une femme...
  • 1973 — История про Колино-юбочника / L' histoire très bonne et très joyeuse de Colinot Trousse-Chemise

Источниктар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Бардо, Брижит (1996)Инициалы Б. Б., Издательство "Вагриус", Москва ISBN 5-7027-0889-X
  2. Робинсон, Джеффри (1994) Бардо - Две Жизни, Издательство "Русич", Смоленск ISBN 5-88590-749-8

Ыйынньыктар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Интервью
  1. 1,0 1,1 Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); InitialsBB диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  2. 2,0 2,1 Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); twolives диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох