Бензин

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Бензин канистрата
Заправкаҕа насостар

Бензин диэн ис умайыылаах хамсатааччыга оттугунан туттуллар токсичнай саһархай убаҕас. Ниеби дистилляциятын кэнниттэн үөскүүр. Дистилляция процессыһыгар олус сылаас температураларга дылы сылытыллар уонна компоненнарыгар арахсар, бииринэн бензин буолар. Октан буолар, формулата (C8H18), ол аата углеводород буолар.

Бензины заправкаларга атыылыллар. Үчүгэйдик оттук буоллун диэн араас добавкалары эбэллэр, ол иһин араас хампаанньа оҥорбут бензина араас араас буолуон сөп. Октановай чыыһылатынан кээмэйдэнэр. Массыыналар улахан өттө "мэльдьи туттуллар бензины" тутталлар, ол бензин октановай чыыһылата 87 буолар. Үксүгэр заправкаҕа үс октановай чыыһылалаах бензины атыылааччылар.

Араас оттуктары бензиҥҥа тэҥнээһин:[1]
Оттук арааһа МДж/литр МДж/кг октан чыыһылата
Этанол 21.2[2] 26.8[2] 108.6[3]
E85
(85% этанол, 15% бензин)
25.2 33.2 105
Гаас 25.3 ~55
Сжижженнай гаас
(60% пропан + 40% бутан)
26.8 50.
Самолет керосиина
(улахан октаннаах бензин)
33.5 46.8 100/130 (боростуой/байытыллыбыт)
Испиирдээх бензин
(90% бензин+ 10% этанол)
33.7 47.1 93/94
Боростуой бензин 34.8 44.4[4] min. 91
Байытыллыбыт бензин max. 104
Дизель 38.6 45.4 25

Туттуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бензин үксэ массыналарга оттук курдук туттуллар, ол гынан баран араас инструменнар эмиэ тутталлар, ол курдук "Дружба" эрбиитэ, араас моторкалар уонна да атын

Куттала[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бензин олус кутталлаах буолуон сөп. Электрическай кыым баар буоллаҕына эстиэн сөп. Киһи истэһинэ доруобуйатыгар олус улахан хорумньуну оҥоруон сөп. Өссө сиргэ улахан дьайыыта диэн умайбытын кэннэ угарнай гааһы салгыҥҥа таһаарар. Дьиэ иһигэр уматыллаҕына киһини түргэнник өлөрүөн сөп.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Appendix B, Transportation Energy Data Book from the Center for Transportation Analysis of the Oak Ridge National Laboratory
  2. 2,0 2,1 Thomas, George: Халыып:PDF. Livermore, CA. Sandia National Laboratories. 2000.
  3. (2010) «Impact of alcohol–gasoline fuel blends on the performance and combustion characteristics of an SI engine». Fuel 89 (10): 2713–2720. DOI:10.1016/j.fuel.2010.01.032.
  4. Thomas, George (2000). "Overview of Storage Development DOE Hydrogen Program". Sandia National Laboratories. http://www1.eere.energy.gov/hydrogenandfuelcells/pdfs/storage.pdf. Retrieved on 2009-08-01.