Counter-Strike
Counter-Strike | |
|---|---|
| Оҥорооччута (лара) | Valve Software |
| Таhаарааччыта (лара) | Vivendi Universal (PC) Microsoft Game Studios (Xbox) |
| Мотора | GoldSrc (Half-Life) |
| Версията | 1.6 (балаҕан ыйын 15, 2003) |
| Платформата (лара) | Microsoft Windows уонна Xbox |
| Тахсыбыт кэмэ | Бэс ыйын 12, 1999 (Mod) Сэтинньи 8, 2000 (Retail) Кулун тутар 25, 2004 (Xbox) |
| Жанра (дара) | First-person shooter |
| Эрэһиим (нэрэ) | Multiplayer |
| Медиа | CD, туруоруу |
| Система кээмэйдэрэ | 500 MHz процессор, 96 MB RAM |
| Салайар тэриллэр | Клавиатура, кутуйах, геймпад |
Counter-Strike (кылгастык CS диэн; Counter-Strike сахалыы — хардары охсуу) диэн тактикалаах бастакы сирэйтэн ытыы жанрдаах видео оонньуу. 1999 c. тахсыбыт Half-Life оонньуу модификацията буолар. Мод автордара: Минь "Gooseman" Лэ уонна Дьэсс "Cliffe" Клифф. Оонньуу салҕыы серияларга кубулуйбута, олор ахсааннарыгар киирэллэр: Counter-Strike: Condition Zero, Counter-Strike: Source, Counter-Strike: Anthology уонна Counter-Strike Xbox версията. Counter-Strike ис хоhоонунан буолар террористары утарар бөлөх (counter-terrorists) уонна террористар (terrorists) хамаандаларын утарылаhыылара. Хас раунд аайы миссия сорудахтарын толорбут эбэтэр бары өстөөҕү өлөрбүт хамаанда кыайыыны ылар. Оонньуу саамай тиhэх таhаарыыта, Counter-Strike: Source, Half-Life 2 Source диэн оонньуу моторунан барар.