Charity Shop

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Charity Shop — Арассыыйа үтүөнү оҥорор маҕаһыына, биллэр брендар туттуллубут таҥастарын кыра сыанаҕа атыылыыр. Маҕаһыын түмэт урбаан тэрилтэтэ буолар, дохуота «Вверх» киин түмэт бырагырааммаларын толоруутугар аһардыллар. Үтүөнүт оҥоруутун таһынан, маҕаһыын биир соруга - ретейл эйгэтигэр оҕо дьиэлэригэр иитиллэн тахсааччы оҕолорго уонна сервис идэтигэр кэллиэстэри бүтэрээччилэргэ трениннэри ыытыы[1].

Кэнсиэпсийэтэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Маҕаһыын үтүөнү оҥорор маҕаһыыннар ааҥл. charity shop схемаларынан үлэлиир, ол аата түмэт урбаан технологиятынан (атыыттан киирбит харчы үтүөнү оҥорор тэрилтэлэргэ аһардыллар уонна түмэт бырагырааммаларыгар туһаныллар) үлэлиир. Маннык маҕаһыыннар Улуу Британияҕа уонна Эмиэрикэ Холбоһуктаах Ыстааттарыгар киэҥник тарҕаммыт. Улуу Британия маҕаһыынара үлэлиир схемаларыттан уратыта, эмиэрикэ маҕаһыыннара ону таһынан социализациянан уонна олоххо көмүскэлэ суох нэһилиэнньэ кыһалҕалаах араҥаларыгар көмө оҥороллор, холобур, Хотугу Эмиэрикэҕэ үлэлиир Goodwill бырайыак. Charity Shop маҕаһыыҥҥа бу модель төрүт буолбут[1][2].

« Мы надеемся, что этот социальный бизнес поможет решить сразу две задачи: трудоустроить выпускников детских домов, которые учатся сейчас в Центре, и помочь привлечь дополнительные средства на программы организации. К тому же это очень доступный способ помочь — достаточно просто перебрать вещи и отобрать то, что тебе давно уже не нужно
Дарья Алексеева, Charity Shop тэрийээччитэ[3]
»

Табаар атыытыттан киирбит дохуот маҕаһыын арендатын уонна үлэһиттэр хамнастарын төлүүргэ барар, ордубут үп үтүө дьыаланы оҥорууга аһардыллар[4].

Маҕаһыын биллэр ыарахан сыаналаах брендар туттуллубут таҥастарын атыылааһыҥҥа идэтийэр, холобур Karen Millen, Pinko, D&G, Ralph Lauren, Laurel уо.д.а.[5]. Маҕаһыын таҥастан ураты химиотерапияны ааспыт дьахталларга аналлаах «Голова»диэн бырайыак баска кэтэр таҥаһын атыылыыр. Ону кытта тулаайах кыыс оҕолор оҥорбут араас киэргэллэрэ атыыланар, киэргэлтэн киирбит харчы (комиссията суох) оҕолорго төннөр[4].

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. 1,0 1,1 Александра Вакар, Ольга Павлова. Купить добро: 10 лучших благотворительных магазинов России. Forbes (31 июля 2014). Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  2. Марина Лепина. Это история о людях, а не о деньгах. Милосердие.ru (14 августа 2014). Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  3. Charity Shop собирает брендовые вещи в пятницу в Москве. РИА Новости (19 июня 2014). Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  4. 4,0 4,1 Леся Рябцева. Чувствительно. Кому нужны старые вещи?. Эхо Москвы (14 февраля 2015). Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.
  5. Одежду Karen Millen, D&G, Ralph Lauren распродадут в пользу фондов. РИА Новости (17 апреля 2015). Тургутулунна 4 Ыам ыйын 2015.