Үөдүгэй нэһилиэгэ (Үөһээ Бүлүү улууһа)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Үөдүгэй көстө)
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Үөдүгэй нэһилиэгэНам нэһилиэгэДүллүкү нэһилиэгэХоро нэһилиэгэБоотулу нэһилиэгэДалыр нэһилиэгэКэнтик нэһилиэгэМэйик нэһилиэгэОроһу нэһилиэгэТамалакаан нэһилиэгэӨргүөт нэһилиэгэМаҥаас нэһилиэгэОҥхой нэһилиэгэХарбалаах нэһилиэгэКырыкый нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэСургуулук нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэБалаҕаннаах нэһилиэгэТуобуйа нэһилиэгэБыракаан нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэХомустаах нэһилиэгэБүлүү улууһаГорнай улууһаӨлөөн улууһаНьурба улууһаСунтаар улууһаӨлүөхүмэ улууһа

Үөдүгэй нэһилиэк. Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Андреевскай.

Улуус киинин кытта холбоһон турар. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэ соҕуруу өртүн ылар уонна 30 км ыраах Куду диэн сэлиэнньэ сытар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 2092 киһи (2007 сыл), ол иһигэр Андреевскай — 2015 уонна Куду — 77 киһи.

Устуоруйата[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Үһүйээннэр уонна сурукка тиһиллибит ахтыылар кэпсииллэринэн Үөдүгэй дьоно билиҥҥи Үөһээ Бүлүү улууһун сирдэригэр XVII үйэ ортотун диэки кэлбиттэр. Бу дьон биир уус дьоно олоччу көһөн кэлбиттэр курдук, ол аата урукку олорбут сирдэригэр, Өлүөнэ өрүс хаҥас өттүгэр, ким да хаалбатах. Краеведтар этэллэринэн Саха сиригэр итинник бүтүннүү ууһунан көҥүлү батыспыт уус суох. Көспүт төрүөттэрэ - нуучча кэлиитигэр бэйэлэрин-бэйэлэрэ дьаһанан олороору.

Үөдүгэйдэр Үөһээ Бүлүү сирин булалларыгар онно эрдэ кэлэн өргүөттэр уонна Көбдө баһылыктаах Нам дьоно олохсуйбуттар эбит. Өргүөттэр арааһа булду батыһар табалаах дьон буоллалларын быһыытынан сискэ, үрэх баһыгар олохсуйбуттар. Оттон намнар сүөһүлээх, сылгылаах дьон буоланнар Бүлүү өрүс үрдүгэр сытар дьоһун сирдэри булан, билиҥҥи Намы төрүттээбиттэр. Үөдүгэйдэр кэргэн-чаҕар дьоннорун илдьэ барыта 18 ыал күһүн кэлбит. Өрүс уҥа өттүгэр Күҥкү баһылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, Чап, Быыгынас Боотур, Дьаархан, Күүлэ, Халбаакы хаалаллар. Оттон өрүс хаҥас өттүгэр Наакаан баһылыктаах Дэди, Мотуруос, Лүһүрүкээн, Асхабыл, Эгэй, Өбүкэ, Суор Ойуун, Түүлээх Түлэҕэй тахсаллар[1].

Наакаан дьоно Куорамыкы аннынан өрүһү туораан тэҥкэ иһигэр үс биэрэстэ киирэн Хатар Балаҕаннааҕа диэн сиргэ, уһун элгээн кытылыгар олохсуйаллар. Манна турбут 9 ураһа олоҕо хойукка дылы баара үһү.

Күҥкү ураһатын олоҕо Күүлэҕэ турбут. Кини Күүлэнэн, Боруу Көлүйэнэн олорбут. Чочу, Быйакы, Бакы олохсуйбут алаастара билигин кинилэр ааттарынан ааттанан сыталлар.

Чап Куорамыкыттан көс кэриҥнээх сиргэ, Кэнтиккэ олохсуйбут. Халбаакы бастаан билиҥҥи Ороһу сиригэр өрүс арыытыгар олохсуйан иһэн куду буордаах сиргэ Кудуга тахсыбыт.

Быыгынас Ороһуну төрүттээбит.

II Үөдүгэй баһылыктара

Нэһилиэктэн төрүттээхтэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Александр Георгиевич Потапов (1891 с. төр.) — биллиилээх быраас.
Егоров Николай Васильевич (1903—1982) — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Васильева Пелагея Васильевна (төр. 1933) — Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, тыыл уонна педагогика үлэтин бэтэрээнэ.
Иванов Валерий Иосифович (төр. 1942) — техническай билимнэр кандидаттара.
Тумусов Федот Семенович (төр. 1955) — политик.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Үөдүгэй. Былыргы уонна аныгы. — Дьокуускай, 2008

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]