Эрнан Кортес
Тас көстүүтэ
![](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/c/c4/Hern%C3%A1n_Cort%C3%A9s%2C_s._XVI.jpg/220px-Hern%C3%A1n_Cort%C3%A9s%2C_s._XVI.jpg)
Ферна́ндо Корте́с Монрой Писа́рро Альтамира́но (исп. Fernando Cortés Monroy Pizarro Altamirano), ордук биллэр аата Ферна́ндо, Эрна́ндо, Ферна́н эбэтэр Эрна́н Корте́с (исп. Hernán Cortés) — Миэксикэни сэриилээбит, ацтектар судаарыстыбаларын сууһарбыт Испания конкистадора.
Медельин диэн Бадахос провинцияҕа баар сиргэ 1485 төрөөбүт. Кастильеха де ла Куэста диэн Севильяҕа баар сиргэ 1547 сыллаахха ахсынньы 2 күнүгэр өлбүт. Карл V хоруол Marqués del Valle de Oaxaca (Оахака хочо маркииһа диэн тиитулу бэлэхтээбит, транслитерация Маркиз дель Валье де Оахака). Кини олоҕун-дьаһаҕын туһунан аҕыйах сибидиэнньэ хаалбытынан устуоруйаҕа суолтатын улаханнык араастаан суруйаллар.