Ыаллыылар

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

"Ыаллыыллар" (нуучч. "Соседи") — 2016 сыллаахха улахан экраҥҥа тахсыбыт кэмиэдьийэ жанрдаах, толору метражтаах саха киинэтэ.

Премьерэтэ 2016 сыллаахха кулун тутар 31 күнүгэр Дьокуускай куорат киинэ тыйаатырдарыгар буолбута. Бу киинэ Саха сиригэр 1990-с сыллардаахха уһуллан тэлэбиисэринэн көстүбүт, эмиэ "Ыаллыылар" диэн ааттаах, киинэ сэрийээлин салгыыта буолар. Киинэҕэ оччотооҕу дьоруойдар олохторо 20 сыл кэнниттэн ойууланар. Кинилэр номнуо оҕоломмуттар-урууламмыттар, сиэннэммиттэр. Ону таһынан бу толору метражтаах киинэҕэ саҥа дьоруойдар эмиэ көстөллөр.

Режиссера - Анатолий Кириллин, сценарийа - Юрий Харбанов, продюсера - Сардаана Петрова-Слепцова, оператора - Ариян Колодезников. Киинэни Сахафильм хампаанньа устубут, дойдута - Арассыыйа, уһуна - 1 чаас 24 мүнүүтэ, 2016 сыл

Сүрүн оруолларга Саха тыйаатырын артыыстара Анатолий Николаев, Изабелла Николаева, Ефим Степанов, Наталья Степанова, Наталья Слепцова-Корякина, Иннокентий Луковцев, Анна Кузьмина, Домна Уйгурова, Айаал Аммосов, киинэ артыыһа Евгений Пивоваров оонньууллар.