Хатырыктаах бөх тэллэйэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Хатырыктаах бөх тэллэйэ (лат. Coprinus comatus (Vill.:Fr.) S.F. Gray, нууч. Навозник белый) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр таҥалайдаах тэллэй.

Үүнэр сирдэрэ: сыалаах кунуска үүнэр, саҥа балбаахха үүммэт.

Оҥоһуутун ойуулааһын[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сэлээппэтэ: Диаметра 10 см дылы, үрдүгэ 5-12 см. Сымыыттыҥы онтон чуораан курдук, түүлээх, хатырыктара түһэ сылдьар буолар.
Таҥалайдаах араҥата: Бастаан үрүҥ өҥнөөх, онтон кытарар, бүтэһигэр хараарар.
Этэ: Үрүҥ, Чараас. Минньигэс сыттаах.
Атаҕа: Үрүҥ. Аллара модьуруур. 10-15 см дылы уһуннаах. Тиэрбэһэ үрүҥ. Көҥдөй.[1].

Туттуллуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Таҥалайдаах араҥата үрүҥ эрдэҕинэ эрэ сиэнэр. Арыгыны кытта сиэниллибэт.

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Грибы Якутии. Г. С. Угаров уонна соавт., Дьокуускай, Бичик, 2009 ISBN 987-5-7696-3120