Фотосинтез

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Күнтэн ылыллыбыт энергия, силистэринэн хомуллубут уу, уонна салгынтан ылыллыбыт харыалык диоксидын холбоон үүнээйи ону фотосинтез түмүгэр глюкозаҕа уонна абалыкка кубулутар.

Фотосинтез диэн үүнэйилэр бэйэлэригэр аһы оҥорорун ааттыыллар. [1] Ол химиялаах процесс күн сырдыгынан харыалык диоксидын саахардарга кубулутар. Үүнээйи эрэ буолбакка, бактериялар, тэллэйдэр уонна протистар фотосинтеһы тутталлар. Фотосинтез сиргэ олох баарыгар биир олус тутаах буолар. Үүнээйи барыта кэриэтэ онтон тутулуктаахтар.

Фотосинтез араастык барыан сөп, ол гынан баран биир бүтүн бэлиэлээхтэр.

6 CO2(g) + 6 H2O(l) + фотоннарC6H12O6(aq) + 6 O2(g)
харыалык диоксида + уу + сырдык энергията → глюкоза + абалык

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Fullick, Ann (2011). Edexcel IGCSE Biology Revision Guide. Pearson Education. p. 40. ISBN 9780435046767. 

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]