Сэргэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Сэргэ
Сэргэ. Бурятия

Сэргэ — былыргыттан сахаларга аты баайарга туттуллара, ону тэҥэ сиргэ хаһаайын баарын биллэрэрэ. Сахаларга сэргэ — дьол уонна үтүө турук бэлиэтэ буолар. Ыһыах кэмигэр, уонна улахан бырааһынньыктарга, юбилейдарга туруоруааччылара.

Сэргэни туруоруу[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сэргэ үйэлээх буоллун диэн былыр төрдүн бастаан уҥуох сыатынан оҕунуохтуллар, онтон уотунан сиэтэллэр эбит. Сэргэ туруоруохтаах сирдэригэр оҥхой хаһан баран, буорун үс гына чөмөхтүүллэр: үрүт буора, ийэ буора, алын буора. Сэргэни туруоралларыгар бастаан алын буорун, онтон ийэ буорун, тиһэҕэр үрүт буорун куталлар. Хас биирдии араҥаны модьу маһынан ыга симэллэр. Үрүт буорун атахтарынан оҥхойуор диэри тэпсэллэр, онтон сир кырсын сэргэ төрдүгэр быыһа суох гына тэлгииллэр[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Окорокова В.Б. Нулгынэт айар үлэтэ (эбээн уонна саха литературатын алтыһыыларын үөрэтиигэ). Дь. Сайдам, 2016., С.6

Өссө маны көр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]