Суккун уонна сукуна үтүлүк

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Суккун уонна сукуна үтүлүк. Кыһын кэтэргэ анаан истээн эмиэ тиктэллэр. Дьахтар үтүлүгүн быһыыта уратылаах буолар: ытыһын көхсүтүнээҕэр арыый синньигэс гыналлар, эрбэҕин оҥооһунa сүрэххэ маарынныыр, синньигэс. Эрбэҕин сиигэ тас өртүгэр эрбэх оҥооһунун чорбойбутугар сөп гына быһыллар. Утулук көхсугэр сурэхтиҥи эбэтэр көҕүөр ойууну түһэрэллэр. Кугас, apaҕac, күөх саптарынан таҥалайдыы, ураһалыы, иилэҕэс сииктэринэн оһуордууллар, үтүлүк билэтэ оһуордаах, буобура түүтэ хаймыылаах буолар. Былыргы сукуна үтүлүк төбөтө синньигэс, сон сиэҕин диэки өттө киэҥ, таллаҕар. Ол үтүлүк сон сиэҕин кытта харсыбатыгар аналлаах. [1]Үтүлүк көрүҥнэрэ

  1. Попова М.А. Саха төрүт культурата I чааһа. Дьокуускай, 1993.