Салашин Гаврил Михайлович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Салашин Гаврил Михайлович — 1889 сыллаахха II Үөдүгэй нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Үөһээ Бүлүүгэ, Ньурбаҕа, Сунтаарга буолбут кыргыһыыларга сылдьан баран Бодойбоҕо о.д.а. сирдэргэ Сэбиэт былааһын олохтооһуҥҥа активнай кыттыыны ылбыта. 1922 сыллаахха Төхтүргэ уонна Киллэмҥэ үрүҥ этэрээттэри урусхалласпыта. 1923 сыл саас Саһыл Сыһыы оборонатыгар кыттан Пепеляев хамсааһынын бүтэһиктээхтик үлтү сынньыспыта. Дойдутугар кэлэн Сэбиэттэр үлэлэрин сүһүөҕэр туруорууга, колхуостары тэрийсиигэ активнайдык үлэлээбитэ. Дойдутугар олорон 1964 сыллаахха өлбүтэ[1].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Үөһээ Бүлүү 1917-1967. Үөһээ Бүлүүтээҕи оройуон типографията, 1968