Саввинов Андрей Саввич

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саввинов Андрей Саввич — физик, бөлүһүөпүйэ билимин дуоктара, СӨ билимин үтүөлээх дьайыксыта. Хоту дойду физико-техническэй кыһалҕаларын институтун металлофизика лабораториятын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан бөлүһүөпүйэҕэ диссэртээссийэ суруйан 1997 сыллаахха көмүскээбитэ уонна 2000 сыллаахтан ХИФУ (СГУ) бөлүһүөпүйэҕэ кафедратын сэбиэдиссэйэ.

1949 сыллаахха олунньу 1 күнүгэр Ньурба оруйуонугар төрөөбүтэ. 1957 сылтан 1968 сыллаахха диэри Ньурба №1 оскуолатыгар үөрэммитэ. Аармыйаҕа сулууспалаан баран Томскайдааҕы государственнай университекка үөрэммитэ, 1976 сыллаахха физика факультетын бүтэрбитэ, идэтэ «кытаанах эттик физиката»[1]. Томскайга үлэлээбитэ.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]