Саадах

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саадах - ох саа оноҕосторун хаалыырга аналлаах хаа. Үксүгэр "саа" диэн тылы кытта бииргэ туттуллар. Холобур: "Саатын-саадаҕын сүгэн бултуу таҕыста".

СТБУТ этэринэн саадах диэн тыл хас да өйдөбүллээх: былыргы саха ытар тэрилэ барыта (ох саата, саатын хаата, оноҕосторо, оноҕос хаата), иккис өйдөбүл - саа хаата, үһүс өйдөбүлэ - оноҕос хаата.

Сэһэн Боло этэринэн "саадах (кэһэх) диэн кураахтаах ох саа хаата. Кэһэх диэн охтор хаалара, мас түнэ буолар. Куоньньалык диэн саатын хаата, мас, түнэ буолара үһү"[1].

Бу тылы кытта садалҕа диэн тыл дьүөрэлэһэр, садалҕа - саадаҕы ыйыыр көхө[2].

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дь. "Бичик", 1994, 1938 сыллааҕыны хос таһаарыы
  2. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. VIII туом