Рафаэль

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
Бэйэ мэтириэтэ.

Раффаэлло Санцио да Урбино (Raffaello Sanzio da Urbino, 1483 кулун тутар 281520 муус устар 6), Рафаэл диэн аатынан биллэр, Италия уруhуйдьута уонна архитектора. Кини, Леонардо да Винчины уонна Микеландьелоны кытта, Ренессанс кэмин бастыҥ чулуу киhитэ буолар.

Урбино уонна оҕо сааһа[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Рафаэль Италия Урбино куоратыгар төрөөбүтэ.Уруһуйдьут Джиованно Санти оҕото. Кини бастакы учуутал буолбута, ол гынан баран 11 саастааҕар аҕата өлөр.

Перугино диэн Рафаэль учуутала этэ. Кини бэйэтин портрета.

15 саастааҕар Петро диэн уруһуйдьутка көмөлөһөөччүнэн кини мастерскуойугар үлэлии киирэр. Кини Умбрия эрэ регионугар буолбакка, Римҥа уонна Флоренцияҕа дылы биллэр эбит. Киниэхэ биир сүдү суолталаах үлэни - Ватикаҥҥа баар Папа биир улахан таҥара дьиэтин - Сикстинскай Капелланы уруһуйдааһыны бэриллибит эбит.

Перугино уруһуйдууру ордук табыгастаах ньымаларын билэр эбит уонна бэриллибит бириэмэҕэ бүтэрэри сатыыр эбит. Сорох портреттары уруһуйдаабыт, ол гынан баран үксэ үлэтэ религиознай эбит. Сорох үлэлэрэ Мадонна оҕотун кытта уруһуйдаммыта - ону дьоннор дьиэ кэргэн часовнятыгар туруоруохтарын сөп эбит. Биллэрин иһин баай дьоннортор сакаас бөҕөтө киирэр эбит, ол иһин "көмөлөһөөччүлэр" наадалар эбит.

Рафаэль учууталыттан элбэҕи билбит - хайдах уруһуйдууру, киһи анатомиятын, краска химиятын уонна уруһуй тэҥ буолар курдук уруһуйданарын. Рафаэл кылгас олоҕу олорбута (37 сааhыгар өлбүтэ), ол эрээри элбэх үлэни оҥорон хаалбыта.

Литература[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Blunt, Anthony, Artistic Theory in Italy, 1450-1660, 1940 (refs to 1985 edn), OUP, ISBN 0-19-881050-4
  • Gould, Cecil, The Sixteenth Century Italian Schools, National Gallery Catalogues, London 1975, ISBN 0-947645-22-5
  • Roger Jones and Nicholas Penny, Raphael, Yale, 1983, ISBN 0-300-03061-4
  • Landau, David in:David Landau & Peter Parshall, The Renaissance Print, Yale, 1996, ISBN 0-300-06883-2
  • Pon, Lisa, Raphael, Dürer, and Marcantonio Raimondi, Copying and the Italian Renaissance Print, 2004, Yale UP, ISBN 978-0-300-09680-4
  • Shearman, John; Raphael in Early Modern Sources 1483-1602, 2003, Yale University Press, ISBN 0-300-09918-5
  • Vasari, Life of Raphael from the Lives of the Artists, edition used: Artists of the Renaissance selected & ed Malcolm Bull, Penguin 1965 (page nos from BCA edn, 1979)
  • Wölfflin, Heinrich; Classic Art; An Introduction to the Renaissance, 1952 in English (1968 edition), Phaidon, New York.

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Биики ыскылаатыгар медиа билэлэр: