Назаров Афанасий Семенович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Назаров Афанасий Семенович — Саха АССР үтүөлээх зоотехнига.

1916 с. Хатаска төрөөбүтэ.

1938 с. Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн, зоотехник үөрэхтэммитэ.

40 тахса сыл үлэлээбитин тухары 36 сылын талан ылбыт идэтигэр биэрбитэ.

1932 с. комсомол, 1943 с. ССКП чилиэнэ.

Саха АССР үтүөлээх зоотехнига.

Октябрьскай ревлюция орденынан, «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин», үбүлүөйүнэй В. И. Ленин төрөөбүтэ 100 сыла туолуутугар «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

1995 с. өлбүт.