Иһинээҕитигэр көс

Линда Роттенберг

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Линда Роттенберг
Linda Rottenberg
Дьарыга:

урбаанньыт уонна менеджер

Төрөөбүт күнэ:

1968 балаҕан ыйын 12 к. (46 саастаах)

Дойдута:

 АХШ

Кэргэнэ:

Брюс Фейлер (англ. Bruce Feiler)

Оҕолоро:

икки кыыстаах

Ситим сирэ:

lindarottenberg.com

Линда Роттенберг[1] (ааҥл. Linda Rottenberg; 1968 сыл балаҕан ыйын 12 к.) — Эмиэрикэ урбаанньыта уонна менеджера, Endeavor Global, Inc. (1997 сылтан) тэрийээччитэ уонна салайааччыта, Zayo Group, LLC уонна Zayo Group Holdings, Inc. (2014 сылтан) салайааччыта[2][3][4][5][6]; «Эдэр президент» тэрилтэ чилиэнэ (ааҥл. Young President)[5][7][8]; «Иирээки диэн хайҕабыл: сүүрүгү утары хамсааһын күүһэ» (ааҥл. Crazy Is a Compliment: The Power of Zigging When Everyone Else Zags) диэн кинигэ ааптара[9][10]. Сайдан иһэр рыноктарга эргиэн кыахтарын уонна урбаан Аан Дойду таһымнаах эксперта[5]. Гарвард урбаан оскуолатыгар үс куурсу ыытар[5].

Линда Роттенберг — адвокат уонна дьиэ хаһаайкатын кыыһа, Ньютоҥҥа улааппыт — Бостона таһа, Массачусетс ыстаат[6].

Кыра сылдьан түмэт идеяларын сэҥээрбит уонна ол бу түмэт тэрилтэлэригэр үлэлээбит[6].

Линда Роттенберг Йель быраап оскуолатыгар (Йель университета) юридическай таһым уонна Гарвард университетыгар бакалавр таһымын ылбыт[4][7]. Бэйэтэ этэринэн билигин үөрэҕин талара эбитэ буоллар менеджмент үөрэҕэр барыах эбит[6].

Йель быраап оскуолатын бүтэрбитин кэннэ Аргентинатааҕы Палермо Университет салайыы программатыгар үлэлээбит[6].

1996 сыллаахха Ашока Пуондатын үлэтигэр кыттыһан Пуонданы Латыын Эмиэрикэтигэр тарҕатар[6].

1997 сыллаахха Петер Келлнеры кытта сайдан иһэр дойдуларга кыра уонна орто бизнеска көмөлөһөр Endeavor Global, Inc. диэн Аан Дойду таһымнаах эргиэнэ суох тэрилтэни тэрийэр уонна салайар[5][6].

2014 сыл ыам ыйын 14 к. Zayo Group, LLC уонна Zayo Group Holdings, Inc. салайааччыта буолар, ону таһынан ABRAAJ Capital сүбэтигэр киирэр[5]

2001 сыл сэтинньи 5 к. Time сурунаал Endeavor Global  тэрийээччилэрин Линда Роттенбергы уонна Петер Келлнеры  «XXI үйэ 100 саамай ордук саҥардыыны оҥорооччулар» (ааҥл. Top 100 Innovators for the 21st Century) ахсааннарыгар кииллэрэр[2][7].

2002 сыллаахха Шваб Пуондата Endeavorы уонна Линда Роттернбергы Аан Дойду экономикаҕа форумугар Аан Дойду саамай бастыҥ түмэт урбаанньыттарын ахсааныгар кииллэрэр[3].

2003 сыллаахха Innovators Under 35 диэн саамай үчүгэй эдэр саҥардааччылар ахсааннарыгар киирэр[11].

Dell, Inc. диэн хампаанньа бэйэтин рекламатыгар көрдөрөр[7][5].

2008 сыллаахха Аан Дойдутааҕы Вдова Клико диэн вино дьиэтэ Линда Роттенбергы «2008 сыллаах Дьыала Дьахтара» (ааҥл. Business Woman of the Year in 2008) ааты иҥэрэр[5]. Ол сыл US News & World Report кинини «Саамай ордук Эмиэрикэ салайааччыта» (ааҥл. America's Best Leaders) диэн ааттыыр

2011 сыллаахха Forbes Линда Роттенбергы Impact 30 диэн бастыҥ түмэт урбаанньыттар ахсааннарыгар кииллэрэр[12][7].

Кинини «Аан Дойду сарсыҥҥы салайааччыта» (ааҥл. Global Leader for Tomorrow), «Эдэр Аан Дойду салайааччыта» (ааҥл. Young Global Leader) уонна «Бастыҥ түмэт урбаанньыта» (ааҥл. Leading Social Entrepreneur) диэн ааттыы сылдьыбыттара[5].

Брюс Фейлер (ааҥл. Bruce Feiler)[13] диэн телеведущайга, суруналыыска уонна суруйааччыга кэргэн тахсыбыт. Икки игирэ кыыстаах[13]. Бруклиҥҥа олорор[13].

  1. Иногда Линда Ротенберг.
  2. 1 2 Morse, Jodie (2001-11-05). "Charity Without The Checks". TIME. http://www.time.com/time/magazine/article/0,9171,1001132,00.html. Retrieved on 2011-03-24.
  3. 1 2 Schwab Foundation for Social Entrepreneurship - Profiles. Schwabfound.org (2002). Тургутулунна 24 Кулун тутар 2011. Төрүт сириттэн архыыптанна 17 Кулун тутар 2013.
  4. 1 2 3 Michelle Andrews. America's Best Leaders: Linda Rottenberg, Entrepreneur(ааҥл.). U. S. News (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  5. 1 2 3 4 5 6 7 8 9 10 Executive Profile Linda Rottenberg(ааҥл.). Bloomberg. Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  6. 1 2 3 4 5 6 7 Paula Margulies Linda Rottenberg’s High-Impact Endeavor(ааҥл.). Strategy& (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  7. 1 2 3 4 5 6 Linda Rottenberg(ааҥл.). Всемирный экономический форум. Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  8. David Karas. Linda Rottenberg helps people pursue dreams – and create thousands of jobs(ааҥл.). The Christian Science Monitor (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  9. Linda Rottenberg Crazy Is a Compliment: The Power of Zigging When Everyone Else Zags. — Portfolio, 2014. — 272 с. ISBN 1591846641, 978-1591846642
  10. Пётр Биргер. Как не стать стартапом. Пять правил для малого бизнеса(нууч.). Slon Magazine (23 Алтынньы 2014). Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  11. Innovators under 35: Linda Rottenberg(ааҥл.). MIT Technology Review (2003). Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  12. Impact30: Linda Rottenberg(ааҥл.). Forbes (2011). Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.
  13. 1 2 3 Peter Stanford. Bruce Feiler: 'I write about happy families because I want one’(ааҥл.). The Telegraph (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 23 Ыам ыйын 2015.