Либерализм

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Либерализм диэн киhи бэйэтинэн уонна бэйэтин бас билиитинэн көҥүл дьаhайыахтаах диир политика идеологията, уонна философия уонна экономика теорията.

Либерализм идеалынан буолар көҥүл дьон-сэргэ, санаа уонна саҥа көҥүлэ, ил уонна таҥара дьиэтин былаастарын хаайыы, сокуон баhыйыыта, тус бас билии уонна тус урбаан көҥүлэ. Бары либераллар либерал демократия диэн дьаhалта көрүҥүн өйүүллэр, либерал демократия аһаҕас уонна көнө талыылардаах, бары олохтоохтор сокуонунан тэҥ бырааптаахтар.