Иһинээҕитигэр көс

Кэрэх (сулустар бөлөхтөрө)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кэрэх

Кэрэх (лат. Ara) — соҕуруу халлаан сулустарын бөлөҕө. Халлааҥҥа 237,0 кв. кыраадыс иэннээх, 60 харахха көстөр сулустардаах. Арассыыйа территориятыттан көстүбэт.

АатаКоординаталараУлаханаСпектр клаһаЫрааҕа, пк
αβmM
β17h 25m−55° 31´2,85–3,67K3200
α17h 31m–49° 52´2,95–1,59B276,9
ζ16h 58m–55° 59´3,12–2,99K5166,7
γ17h 25m–56° 22´3,34–4,30B1333,3
δ17h 31m–60° 41´3,60–0,25B858,8
θ18h 06m–50° 05´3,65–3,96B2333,3
η16h 49m–59° 02´3,77–1,23K5100

Былыргы бөлөх. Европа традициятыгар Евдокс киллэрбитэ. Шумердар «Былыргы Кэрэх Уота» диэн ааттыыллара, Клавдий Птолемей — «Кэрэх Уот».

Былыргы гириэктэр номохторунан «Кентавр Кэрэҕэ» диэн Хирон таҥараны кытта сибээстээх.

Эратосфен быһаарыытынан бу кэрэх тааска Кроноска сэриинэн бараары Зевс, Посейдон уонна Гадес кэрэх сиэрин-туомун толорбуттар.