Кыттааччы:Федор Гуляев

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Төрөөбүт дойдубут эмтээх үүнээйилэрэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Бохсурҕан. Биэс тымырдаах от. Бохсурҕан сэбирдэҕин, туураат, кыра оһол бааһын эмтээһиҥҥэ, хаан буойуутугар туттуллар. Өссө куртах, оһоҕос бааһыран ыалдьыытыгар, ис ыарыытыгар, хаан барыытыгар тутталлар. Бохсурҕан сүмэһинэ быарга уонна таалга үчүгэйдик дьайар, үлэлэрин тупсарар.


Алтан төбө. Алтан төбө – бу элбэх ыарыыга эмтээх от. Алтан төбө силиһэ зобка, харах мөлтөөһүнүгэр, аанньа аһаабат, үөс аһара туолуутугар, үөс тааһырыытыгар, сөтөлгө, ньиэрбэни уоскутууга, үчүгэйдик утуйарга, суон оһоҕос үлэтин тупсарарга көмөлөһөр. Саахарнай диабеты, туберкулеһы эмтииргэ туттуллар. Куртах бааһыран ыалдьыытыгар алтан төбө силиһэ улахан көмөлөөх, үчүгэй эмп буолар.


Тимэх от. Бу оту оргутан быар ыарыыларын эмтииллэр.Тимэҕэ чесоткаҕа, ириҥэлээх бааска, атах ыарыыларыгар (плоскостопиеҕа, подаграҕа, быһа түһүүгэ), атах, илии былчыҥнарын спазмыгар, эпилепсияҕа үчүгэй эмп буолар.


Дьэдьэн. Дьэдьэн отонун саха дьоно быар, таал ыарыытыгар тутталлар. Тумуулааһыҥҥа отун уонна отонун утах быһыытынан иһиэххэ сөп. Сэбирдэҕин оргутан хаан баттааһына үрдээһинигэр, тирии ыарыыларыгар, рахитка тутталлар. Сибиэһэй отоно хаан аҕыйааһыныгар эмтээх.