Алтан төбө

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

《Алтан төбө》 алтан бас. (Латыынныы – Тахасum, нууччалыы – одуванчик). Астровайдар кэргэттэригэр киирэр өр сыллаах оттуҥу үүнээйи. Араҕас өҥнөөх төгүрүк хоруона сибэккилээх кылгас көҥдөй умнастаах киэҥник тарҕаммыт эмтээх от (« Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта ; 2014с, 434 стр ). Саха сирин биир саамай тарҕаммыт үүнээйитэ. Ыам ыйын бүтүүтүттэн күһүҥҥэ дылы кырдал, хонуу сирдэри сөбүлээн үүнэр. Угун уһуна 5 см – 30 см тиийэр, сибэккитин диаметра 1 см – 5 см тиийэ буолар. Күһүөрү сибэккитэ көл түүгэ майгынныыр хоруоната кубулуйар. Бу хоруоната, сиэмэ буолан , тыал көмөтүнэн тарҕанар.

Тутуллуута[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

 • Алтан төбө, алтан бас былыргыттан биллэр эмтээх от. Эмтэнэргэ силиһин, сибэккитин ута5эҕын тутталлар. Силиһин саас эрдэ эбэтэр күһүн сир анныттан хостоон хомуйаллар. Тымныы ууга сууйан, хас да күн устата салгыннаах сиргэ хатараллар. Алтан төбө, (алтан бас) силиһэ зобка, харах мөлтөөһүнүгэр, үөс туолуутугар, аанньа аһаабат, сөтөлгө, үчүгэйдик утуйарга, суон оһоҕос үлэтин тупсарарга көмөлөһөр.

Алтан төбө (алтан бас) сибэккитин сайын хомуйаллар. Күлүктээх, салгыннаах сиргэ ууран хатараллар. Сибэккитэ быар, бүөр, куртах ыарыыларын эмтииргэ туһалыыр. Алтан төбө (алтан бас) умнаһыгар утахтаах. Бу утаҕа эмтээҕинэн биллэр. Утаҕын ыган , ууга суурайан тутталлар. Уҥуох, сис, тиис ыарыыларыгар көмөлөһөр.

Туттуллубут литература:《Саха сирин эмтээх уунээйилэрэ А.П.Басыгысова , Бичик 2014-128с.