Йенер Ханде

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ханде Йенер (туур. Hande Yener; 1973 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр төрөөбүтэ, Турция, Стамбул куорат) — турок биллэр ырыаһыта уонна ырыа айааччыта. Кини турок эстрадатыгар поп-муусука жанрыгар ураты уонна сонун истиили киллэрбитэ. Ол түмүгэр олус түргэнник Турция эстрадатын биллиилээх артыыһа буолбута.

Айар үлэтэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Ханде Йенер айар үлэтэ Сезен Аксу диэн турок биллилээх артыыһын уонна продюсерын кытта 1992 сыллаахха маҕаһыыҥҥа билсиһииттэн саҕаламмыта. Оччолорго Ханде Йенер ол маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр эбит. Сотору буолан баран Сезен Аксу кинини бэйэтин хамандаатыгар уонна бөлөҕөр бэк-воколист быһыытынан ыҥырбыт. Ону таһынан, Ханде киниэхэ көмөлөһөөччүнэн үлэлээбит. Ханде «Senden ibaret» (Барыта эн тускунан) диэн аан бастакы альбомун 2000 сыллаахха таһаарбыт. 2001 с. «Sen Yoluna Ben Yoluma» диэн иккис альбома тахсыбыт. 2004 сыллаахха «Aşk Kadın Ruhundan Anlamıyor» диэн ааттаах үһүс альбомун таһаарбыт. Ол альбомҥа алта бастыҥ, хит буолбут ырыалара киирбиттэр. Альбом тахсыбытын кэннэ Хандены араас омук дьоно кыралаан билэр буолан барбыттара. 2006 сыллаахха Ханде Йенер имиджин уларытарга сананан, евро-поп хайысхатынан уһуллубут Apayri» (Букатын атын) диэн өссө альбому таһаарбыта.


Дискографията[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Senden İbaret (2000)
  • Sen Yoluna... Ben Yoluma... (2002)
  • Aşk Kadın Ruhundan Anlamıyor (2004)
  • Apayrı (2006)
  • Nasıl Delirdim? (2007)
  • Hipnoz (2008)
  • Hayrola? (2009)
  • Hande'ye Neler Oluyor? (2010)
  • Teşekkürler (2011)
  • Kraliçe (2012)
  • Mükemmel (2014)
  • Hepsi Hit (2016)

Бэлиэтээһиннэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Сигэлэр[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]