Жирков Дмитрий Софронович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Жирков Дмитрий Софронович — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

Кимэ-туга чуолкай биллибэт. «Кыым» хаһыакка 1943 сыллаахха ахсынньы 15 күнүгэр сурук суруйбут. Онно чаастарыгар сахалар элбэхтэрин, кинилэри кытта сахалыы бэсиэдэлэри ыытарын суруйбут, сахалыы бэчээт суох буолан уонна нууччалыы дьон билбэтинэн олохтон хаалабыт диэбит, хаһыат ыытарга көрдөспүт.

«Уруккута учуутал, билиҥҥитэ Кыһыл Аармыйа байыаһа ефрейтор Жирков Дмитрий Софронович (бойобуой уонна политическай бэлэмнэнии туйгуна)» диэн илии баттаабыт. Бу сурук Нац. архыып филиалыгар харалла сытар 3ф., 41., 145 дь. 13 л.[1]

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. М. Г. Старостин. Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара. — Дь.: Бичик, 1995.