Жале Афифе

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Афифе Жале (1902, Стамбул — 1941 сыл от ыйын 24) — туурак тыйаатырын артыыһа, Туурсуйа Ислам итэҕэллээх бастакы биллэр дьахтар артыыһа.

Биография[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Афифе Жале 1902 сыллаахха Стамбулга төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүт балыстаах уонна Беги Салах (Behiye Salâh) сурдьулаах.

Карьера[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Афифа кыргыттарга аналлаах Стамбуллааҕы бырамыысыланнас оскуолатыгар үөрэммитэ эрээри, артыыс буолар баҕалааҕа. Оччолорго Осман импиэрийэтигэр мусульман дьахталлар сыанаҕа оонньуу бырааптара суоҕа. Сыанаҕа оонньуурга дойду Ис дьыалаҕа миниистирин ыйааҕа эрэйиллэрэ. Сыанаҕа атын итэҕэллээх грек, эрмээн эбэтэр еврей дьахталлара оонньууллара көҥүллэнэрэ.

Афифа аҕата туох да кэскилэ суох диэн кыыһа тыйаатыр артыыһа буолуон баҕарбат этэ. Ол гынан баран, Афифа аҕатын тылын истибэккэ дьиэтиттэн күрүүр уонна саҥаттан тэриллибит консерваторияҕа (осман. Darülbedayi‎) стажерунан киирэр. Ол саҕана консерваторияҕа мусульман дьахталларын артыыс идэтигэр үөрэтэр куурус аһыллыбыта. Быһааран эттэххэ, ол бэлэмнэнэн тахсыбыт артыыстар дьахталлар эрэ иннилэригэр оонньуур бырааптаахтара.

Артыыс идэтигэр үөрэнэн бүтэн баран, 1920 сыллаахха Афифа Хюсейн Суат суруйуутунан турбут «Yamalar» диэн испэктээккэ, урут бу оруолу оонньообут эрмээн артыыһа Элиза Бинемесян кыраныысса таһыгар көһөн барбытынан, «Эмель» оруолун толорор. Бу — Афифа сыанаҕа аан бастаан тахсыыта этэ. Афиаф сыанаҕа тахсарыгар Жале диэн хос ааты ылыммыта. Онтон Кадыкеяҕа баар «Апаллон тыйаатыгар» көһөн кэлэн баран, Жале Турцияҕа ислам итэҕэллээх бастакы дьахтар артыыс буолар. Ол гынан баран былаастар тыйаатыр салалтатыгар «эһиги сыанаҕытыгар мусульман дьахтар оонньуо суохтаах» диэн сэрэтэннэр, 1921 сыллаахха Афифаны үлэтиттэн уураталлар. Ол кэннэ кини араас тыйаатырдарга атын-атын аатынан хас да оруолу оонньообута.

Үлэтиттэн уураппыттарын кэннэ Жале үпкэ-харчыга ыктарар, ыарытыйар буолар. Оттон эмтиир бырааһа киниэхэ морфиннаах эмп суруйан биэрбитин кэннэ, устунан, морфиҥҥа ылларан барар.

1923 сыллаахха Турция Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит Мустафа Кемаль былааска кэлэн баран мусульман-дьахтар быраабын хааччахтыыр сокуону уларытар. Инньэ гынан Афифа тыйаатырга төннөр. Ол гынан баран Жале наркотикка ылларбыта содула суох хаалбат. Кини доруобуйата өссө мөлтүүр. Онон өтөр тыйаатыртан барарга күһэллэр.

Дьиэ кэргэнэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Артыыстаан бүтэн баран Афифа харчыта-хамнаһа суох хаалар, дьадайр. 1928 сыллаахха кини Пинар (Selahattin Pınar) (1902—1960) диэн мусукаанныын билсэр. Онтон 1929 сыллаахха киниэхэ ойох тахсан баран, Стамбул Фатих түөлбэтигэр Пинар кыбартыыратыгар көһөр. Ол гынан баран олохторо табыллыбакка, тапсыбаккалар 1935 сыллаахха арахсаллар. Онуоха дьахтар наркотигынан үлүһүйүүтэ кырата суох оруолланар.

Арахсан баран Жале Бакыркей психиатрическай балыыһатыгар наркотиктан эмтэнэ киирэр уонна онно олоҕун тиһэх күннэригэр диэри олорор. Афифа Жале 1941 сыллаахха от ыйын 24 күнүгэр өлбүтэ. Ханна көмүллүбүтэ биллибэт.

Нэһилиэстибэтэ[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1987 сыллаахха Незихе Араз (1922—2009) диэн суруналыыс «Афифе Жале» диэн пийиэсэни суруйар. Бу пийиэсэни кэлин сыанаҕа туруорбуттара, киинэ уһуллубута.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]