Дьон олоҕун эйгэтэ

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дьон олоҕун эйгэтэ (общөство) – киэҥ өрүккэ туттуллар өйдөбүл. Дьон олоҕун эйгэтэ диэн өйдөбүл дьон араас хайысхаларга олоҕуран тэриллибит түмсүүтэ эмиэ ааттаныан сөп. Ол курдук, биир эйгэҕэ үөскээн-төрөөн олоруу түмүгэр, үлэ–хамнас ситиһиитигэр, биир санаалаахтар эбэтэр соруктаахтар эйгэлэригэр аттарыллан туран түмсүөххэ сөп.

Киэҥ өйдөбүлгэ «дьон олоҕун эйгэтэ» диэн айылҕаттан туһунан суолланан-иистэнэн арахсыбыт көстөн турар олох эйгэтин биир өрутэ. Ол эбэтэр дьон олоҕун тухары бииргэ олорон кэлии тутулун ситиһии көстүүтэ – дьон олоҕун эйгэтэ.

Судургу өйдөбүлгэ туттар буоллахха «дьон олоҕун эйгэтэ» диэн тиһигин быспакка киэҥ араҥаны хабар эйгэҕэ дьон олоҕун араас өрүттээх ситигин быспат ситимэ буолар. Ол ситим дьон бэйэ икки ардыгар аттарыллан тыырыллыбыт алсыһыыларыттан, сыһыаннарыттан турар.