Дезоксирибонуклеиннаах аһыыба

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс
ДНА икки хос турар спирала - тутулун чааһа
ДНА химия тутула. Манна фосфат группата араҕаһынан, дезоксирибонуклеиннаах саахардар саарылынан, уонна азот базалаах атын өҥнөрүнэн уруһуйдаммыттар
ДНА бэйэтин копиялыыра

Дезоксирибонуклеиннаах аһыыба (кылгатыллыбыта ДНА) диэн тыынар тыыннаах генетикалаах куодун тутар молекулата. ДНА харамайдарга, үүнээйилэргэ, бактерияларга дылы баар.

ДНА эт хас сааныктарыгар барыларыгар баар, сүнньүнэн ол үрүҥэстэргэ сытар, уонна төрөтүллүбүт оҕоҕо төрөппүттэриттэн бэриллэр. Ол иһин оҕо төрөппүттэригэр маарынныыр буолар, ол курдук тириитэ, хараҕын, баттаҕын өҥө уонна да атын уратылара.

Эт ДНАтын чааһыгар сороҕо информацияны сүкпэт. Сорох ДНА чаастара туохха туттулларын туһунан чинчийии өссө да бара турар. Ол курдук, киһи 98% информацияны биллэрэрэ суох буолар. [1]

Вирустар эккэ сысталларыгар ДНА уонна РНА информацияларын тутталлар.[2]

ДНА тутула[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

ДНА икки спиральга майгынныыр туруктаах, уонна хас туруута нуклеодит диэн ааттанар.

ДНА чинчийии устуоруйата[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Джеймс Д. Ватсон уонна Фрэнсис Крик (уҥа), Маклин МакКартины кытары (хаҥас)

ДНА-ны бастаан сааныктан Швейцарияҕа 1869 сыллаахха таһаарбыттара, Фредерих Мишер бактерияны үөрэтэ сылдьан саанык ортотугар баары булбут, уонна нуклеин диэн ааттаабыт.[3]

1928 сыллаахха Фредерик Гриффит пневмоккок араастарын үөрэтэ сылдьан сорох чааһа атын пневмоккокка холбоспут.[4] Ол система генетикалаах информацияны ДНА тутар диэн бастакы чуолкайа биллибит.

1943 сыллаахха Эйвери-МакЛед-МакКарти эксперимена ДНАны пневмоккок сааныга хайдах улаатарын быһаарбыт.[5][6]

1952 сыллаахха Алфред Херши уонна Марта Чэйз ДНА удьуордааһыныныгар оруола бигэргэппит.[7]

1950-с сыллаардаахха Эрвин Шаргафф [8] тимин ахсаана урукку аденин ахсааныгар тэҥнэһэрин булбут, ону тэҥэ атын нуклеидтар - гуанин уонна цитозин ахсаана эмиэ тэҥ буоларын булбут.

Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. Elgar G. & Vavouri T. 2008. Tuning in to the signals: non-coding sequence conservation in vertebrate genomes. Trends Genet. 24 (7): 344–52. [1]
  2. Van Etten JL, Lane LC, Dunigan DD (2010). «DNA viruses: the really big ones (giruses)». Annual Review of Microbiology 64: 83–99. DOI:10.1146/annurev.micro.112408.134338. PMID 20690825.
  3. Dahm R (2005). «Friedrich Miescher and the discovery of DNA». Dev Biol 278 (2): 274–88. PMID 15680349.
  4. Lorenz MG, Wackernagel W (1994). «Bacterial gene transfer by natural genetic transformation in the environment». Microbiol. Rev. 58 (3): 563–602. PMID 7968924.
  5. Avery, Oswald T.; Colin M. MacLeod, Maclyn McCarty (1944-02-01). «Studies on the chemical nature of the substance inducing transformation of pneumococcal types: induction of transformation by a Desoxyribonucleic Acid fraction isolated from Pneumococcus Type III». Journal of Experimental Medicine 79 (2): 137–158. DOI:10.1084/jem.79.2.137. PMID 19871359. Проверено 2008-09-29.
  6. Fruton, Joseph S. 1999. Proteins, enzymes, genes: the interplay of chemistry and biology. New Haven, Conn: Yale University Press. 438–440 ISBN 0-300-07608-8
  7. Hershey A.D. and Chase M. 1952. Independent functions of viral protein and nucleic acid in growth of bacteriophage. J Gen Physiol. 36:39-56
  8. Vischer E. and Chargaff E. (1948). «The separation and quantitative estimation of purines and pyrimidines in minute amounts». J. Biol. Chem. 176: 703–714.