Дахань омук

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Кытай орто үйэтээҕи докумуоннара кэпсииллэринэн, Бэйхай тас өттүгэр, гулиганнар дойдуларыттан өссө хоту диэки Дахань диэн дойду баара кэпсэнэр. Ол курдук Гулигань уонна Дубо биистэриттэн хоту диэки бардахха кыра муора баара сэhэргэнэр. Муус халыҥ буоллаҕына, аттар 8 күн айаннаан туоруохтарын сөп диэн буолар. Муораттан хоту диэки олус элбэх улахан хайалар бааллар. Ол кэтэҕэр сүрдээх улахан дьоннор аалыӨнаhаллара көстөр. Yгэстэринэн гулиганнарга маарынныыллар. Манна Кытай омук суруйуулара олус чуолкайа суох буоланнар, кыра муоранан Байкал күөл дуу, Хоту Муустаах акыйаан буолар дуу диэн сабаҕалыахха эрэ син? Холобур, Берингов силбэhиитинэн Америка континеныгар эмиэ туоруохха сөп курдук. Бу гулиганнар кэтэх өттүлэригэр баар улахан дьоннор Дахань бииhин дьоно буолуон сөп. Ол курдук бу дойду аата да – ол аата улахан, хань диэн киси диэн суолталаах. Онон тылбааһа Улахан Киһи, Сүрдээх Улахан Киһи диэн буолар. Дьонноро уонна маллара-саллара аhара бөдөӨ буолан маннык ааты ылбыттар. Бу Дахань норуотун өссө Н.В.Кюнер Өлүөхүмэ, Соҕуруу Саха сирин олохтоохторо диэн ыйан турар. Е.С.Сидоров бэл саха үhүйээнигэр ахтыллар сахалары кытта сибээстээбитэ. Кинилэр ынах, сылгы сүөhүлээхтэрин бэлиэтиэххэ син. Дахань дойдута өссө олус интириэhинэй Фусань диэн дойду туhунан кэпсээҥҥэ уонна Корея саарыстыбаларын, кытта сэргэстэhэр дойду курдук ахтылларын дьиктиргиэххэ сөп. Өссө ханнык эрэ Гэнь-хай диэн күөлгэ Дахань уонна Гюй (Увань) дьоно Хягас (Кыргыс) дойдутун дьонун кытта кыраныыссалаhаллара диэн буолар. Бу Гэнь-хай куолун Н.В.Кюнер Өлүөнэ эбэ сылдьар диэн ыйбыта төhө сөптөөх эбитэ буоллар? Бу даханнары кытта сэргэ Юйчжэ омук наар ахтыллар. Кинилэри Н.В.Кюнер уонна А.П.Окладников ааттарынан чугаhатан, дьүкэгиирдэр сылдьаллар диэн ыйбыттара. Бу дойдуга киис уонна гуду (моржа уҥуоҕа) олус элбэх эбит. Аҕыйах да буоллар, сылгыны уонна ынах сүөhүнү туталлара бэлиэтэнэр. Юйчжэ дойдутугар Гюй биитэр Увань (эбээн) сириттэн 15 күн айаннаан тиэйиэххэ сөп этэ. Бу дойду олус киэҥэ уонна халыҥ нэhилиэнньэлээҕин бэлиэтиир тоҕоостоох.