Даака
Тас көрүҥэ
| Даака | |
| Хос аата: Мэчиэттэр куораттара | |
| Даака турар сирэ, Баҥладеш | |
| Координаталара: 23°42′00″ с. ш. 90°22′30″ в. д. / 23.70000° с. ш. 90.37500° в. д. (G) (O) | |
|---|---|
| Дойду | Баҥладеш |
| Административ оройуона | Даака оройуона |
| Cалалтата | |
| - Баhылык | Sadeque Hossain Khoka |
| Иэнэ | |
| - Куорат | 153,84 km² (59,4 sq mi) |
| Олохтоохторо (2007) | |
| - Куорат | 6 737 774 |
| - Чиҥэ | 43 797,3/km² (113 434,5/sq mi) |
| - Метро | 12 295 728 |
| Кэм курдааһына | BST (UTC+6) |

Даака диэн Баҥладеш киин уонна саамай улахан куората. Ганг өрүс дельтатыгар Буриганга хаҥас кытылыгар турар. Дьон бу сиргэ бастаан түөлбэлээн VII үйэҕэ олохсуйбуттара биллэр.
Олохтоохторун ахсаана 7 мөл кэриҥэ киһи, агломерацияҕа барытыгар — 12,8 мөл кэриҥэ (2008 сыллаахха). Олохтоохторун ахсаана сыл аайы 4,2 % элбиир, тыалартан дьон көһөн киирэр. Суругу-бичиги билэр дьон ахсаана — 68,3 %. Олохтоохторун үксэ (90 % кэриҥэ) ислам итэҕэллээх, 9 % — индуизм. 1 % — христианнар уонна буддистар. Дьон баһыйар үксэ бенгаал тылынан саҥарар.