Гольман Вольдемар Густавович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Гольман Вольдемар Густавович — Саха сиригэр үлэлээбит бастакы үөрэхтээх бэтэринээр. Дерпт университетын бэтэринээрийэ факультетын бүтэрээт, 1853 сыллаахха кулун тутар 12 күнүгэр Саха уобалаһын ис дьыалаҕа управлениетын мэдиссиинэҕэ отделениетын бэтэринээр бырааһынан анаммыт. Дьокуускайга 1854 сыллаахха кэлбит. В. Г. Гольман 31 сыл тухары Саха сиригэр соҕотох бэтэринээр этэ[1].

1871 сыллаахтан сотуун өлүү утары году сэрэтэр үлэни саҕалаабыт.

Бэйэтэ элбэх сүөһүлээх эбит. Онтун отунан хааччыйаары Хатыыстаах, Нэлэгэр арыыларга ходуһа ылар эбит. Өрүс кытылыгар манастыыр аттыгар сайылык туттубут. Онно ат сүүрдүүтэ тэрийэр идэлээх эбит. Ол сайылык турбут билиитин Гольманка диэн ааттаабыттар, кэлин сэбиэскэй кэмҥэ арыый уларыйан Гольминка буолбут[2]. Билии аатынан ол эргин баар уулусса ааттаммыт.

Ыстатыйалара[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  • Заметки о коневодстве в Якутской области (1877)
  • О болезнях домашних в Якутской области
  • Сведения о падеже лошадей и рогатого скота в Вилюйском улусе


Быһаарыылар[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

  1. СӨ бэтэринээр департаменын ситим-сирэ // Вехи становления ветеринарной службы Якутии.
  2. Сельское хозяйство // Якутия: рекорды, самое первое, самое-самое / Дь. Бичик, 2004. — С. 106