Гоголевтар (Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэ)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

ГоголевтарБүтэйдээх Биэкэнэ Бырыылааҕар олорбут аймах. Сэттэ Сэмэн, Куонаан уонна Чохчоохой дьуона бииргэ төрөөбүттэр. Саамай сэниэлээхтик олорбут орто уол Куонаан оҕоломмотох. Сэттэ Сэмэн уола Матвей Семенович Гоголев (1916 с.т.) кыра үөрэхтээх, колхуоска үлэлээбит. 1941 с. сэриигэ баран эһиилигэр Ленинградскай уобаласка 1942 с. өлбүт. "Өйдөбүнньүк" кинигэҕэ ийэтэ Анна Ивановна диэн киирбит.

Өкүлүүн диэн Биэкэнэ үрэх сүнньүгэр көстөр дьүһүнүнэн, үтүө майгытынан тэҥнээҕэ суох балыстаах эбит. Ол Өкүлүүн түөртэ кэргэн тахса сылдьыбыт. Маҥнайгы кэргэнэ Алексеев диэн, иккиһэ Төхтүртэн төрүттээх, райсовекка үлэлээбит Владимиров Захар Спиридонович диэн. Николай Захарович Владимиров диэн уоллара Ригаҕа авиаконструктор. Үһүс кэргэнэ Старостин Хабырыыс диэн Табаҕа киһитэ, төрдүһэ арааран туран ылбыт Мөрүөн Барабанов. Дьаакып диэн уола Алтаҥҥа олорор, сэриигэ өябүт убайын Маппый аатынан уол Латвияҕа убайыгар баар диэн кэпсииллэр.

Алта оҕолоох Чохчоохой Дьуона унуоҕунан, дьүһүнүнэн үкчү сиэнин Уйбаан курдуга үһү. Кэргэнэ Эмистэн төрүттээх Тэбигирэтэр Дьэбдьэкиэйэ диэн аатын курдук кытыгырас дьахтар эбит. Улахан уоллара Чыбычы Баһылай иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыт Өкүлүүн диэн маҥнайгы кэргэниттэн кыыһа Николай Михайлович Поповтуун сыбаайбалаан баран сотору арахсыбыт. Куокатган төрөөбүт Гоголев Василий Николаевич биллиилээх хайыһардьыт, бизнесмен буолбута. Тыа хаһаайыстыбатын наукатын кандидата. Чыбычы иккиһигэр А.С.Шишигин ийэтин ылан икки кыыстаммыт. Маайалаах Өрүүнэ Өлүөхүмэ Кыылпаах Арыытыгар олороллор. Оҕо-уруу бөҕөлөр. Иккис уол Хрисанф Ионович кэргэнин Бадаар күрэтэн Баһылай күрээн баран Алдаҥҥа өлбүттэр Кырыстаан бэйэтэ сут дьылга өлбүт. Үһүс уол үчүгэй үлэтинэн Удаарынньык Никиитэ диэн ааттаах стахановец сэрии иннинэ таһаҕаска сылдьан туох эрэ балыырга түбэһэн хаайыыга барбыт, төннүбэтэх. Төрдүс уол Дмитрий Ионович Гоголев (1900 с.т.)—Митэрээс үөрэҕэ суох. Сэрии иннинэ "Коммунар" колхозка үлэлээбит. Читаҕа, Монголияҕа үлэ фронугар сылдьыбыт. Сэрииттэн кэлээт сүүрбэччэ сыл балыс Сөдүөрэ диэн Аполлон Семенович Стручков эдьиийин ылбыт. Соҕотох кыыстара М.Д.Гоголева оҕо бырааһа.

Ииппит уоллара Афанасий тракторист. Миитэрэй сылгыга 30-н тахса сыл үлэлээбитэ. 1987 с. Төҥүлүгэ кыыһыгар олорон өлбүтэ. Бэһис уол Уйбаан Ионович Маппыйдаах, Уйбааннаах аҕалара. Сүрэх ыарыһах буолан армияҕа ынырыллан баран сыыллан кэлбит. Инньэ гынан эдэр киһи тыыл төһүү үлэһитинэн сылдьыбыт. Улахан уола Сэмэн ийэтин дьонугар эбэтигэр иитиллиэҕиттэн билиҥҥэ диэри Аммаҕа олорор. Аҕатын аатынан Уйбаан Бүтэйдээххэ олорор. Эдьиийэ Дааса быйыл өллө. Маппый Уйбаанабыс Бүтэйдээххэ уот учаастагын салайан олорбута. Билигин дьиэ кэргэнинээн куоракка олороллор. Дьуона саамай кыра уола Алексей Иванович Гоголев (1916 с.т.) сэрии иннинэ колхоз үлэһитэ. Осетровоҕа 2 сыл үлэ фронугар сылдьыбыт. Маҥнайгы кэргэнэ Эмистэн төрүтгээх Кэтириис Пивоварова. Оҕолоро Климент, Данил, Ирина билигин суохтар. Ирина Степанов Валерий Вениаминович диэн нуучча киһититгэн элбэх оҕолоох. Өлөксөй иккис кэргэнэ Дуунньа Силипсиэбэ. Оҕолоро Света, Бүөккэ Табаҕаҕа олорор ыаллар, Миитээлэрэ Бүтэйдээххэ олохсуйда. Өлөксөй Гоголев эдэригэр ийэтин курдук бэрт кытыгыраһа үһү. Аатырар Баппаай ыһыахтарга илдьэ сылдьар эбит. Бастыҥ булчут, сааһыт. Уйбаан курдук эмиэ сылгыга үлэлээбитэ. 1974 с. еябүтэ.

Гоголева Наталия Ионовна кэргэнэ Николай Харитонович Солдатов диэн (1898 с.т.) Амма Эмиһиттэн күтүөт. Туох да наһаа үлэһит, олус кыанар киһи эбит. "Коммунар" колхозка бэрэссэдээтэллээбит. Сэриигэ баран 1942 с. Молотовскай уобаласка өлбүт.

  • Тврцччц А.С. Шишигин кэпсээниттэн сурулуння.