Герасимов Ефим Михайлович

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Герасимов Ефим Михайлович

1911 с. Хара нэһилиэгэр төрөөбүт.

Оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, ликбезкэ үөрэнэн былыргы сиэринэн үөрэхтэммитэ.

1929 с. народнай суут сэтээтэлинэн быыбардаммыта.

1930-1931 сс. Батараактар союзтарын оройуоннааҕы комитетын председателэ.

1931-1937 сс. оройуоҥҥа сир салаатын сэбиэдиссэйэ.

1937-1938 сс. кулун тутарга диэри Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун райсоветын председателэ.

1938 с. кулун тутарга "норуот өстөөҕө" аатыран хаайыллыбыта, ити сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай түрмэтигэр сытан өлбүтэ.

1956 с. Ефим Михайлович Герасимов буруйа суоҕа дакаастанан реабилитацияламмыта.

Колхозтарга сиртэн үүнүүнү ылыыга, сүөһүттэн ылыллар бородууксуйаны үрдэтиигэ оройуон ситиһиилэрин иһин 1936 с. Саха КСК-тэ Герасимов Ефим Михайловиһы Бочуотунай грамотанан наҕараадалаабыта.