Бутугас

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бутугас — ууга, үүккэ балыгы, бэс субатын эбэтэр күөл аһын былаан уонна тардаан хойуннара түһэн оҥорбут ас. Ууга, сиҥэҕэ, үүккэ эбэтэр сүөгэй уутугар сэлиэйдээн, кииһилэ, унньуула эбэтэр үөрэ ото эбэн оҥоһуллар утах. Бурдук, курууппа сэлиэйдээх миин (балык бутугас, собо бутугас).

Иккис суолтата — даҕааһын аат курдук туттуллар, бэрээдэгэ суох, сааһа ыһыллыбыт, буккуллубут диэн суолтаҕа (булкуйа саҥарар бутугас соҕус киһи). Бу икки тылтан бутугастаа диэн туохтуур тахсыбыт: бастакы суолтата — бутугаһы оҥор, иккис суолтата — бутуй, булкуй.