Бурдь Халифа

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бурдь Халифа (Burj Khalifa, араб. برج خليفة‎, Халифа талата) диэн Дубайга баар халлаан кирбээччи. Аан дойду бастыҥ үрдүк тутуута буолар. Үрдүгэ 828 миэтирэ, мантан шпилын уһуна 180 м. 163 этээстээх. Тутуу үлэтэ 2004 сыл балаҕан ыйын 21 саҕаламмыта уонна 2009 сыл алтынньы 1 бүппүтэ. 2010 сыл тохсунньу 4 үөрүүлээхтик арыллыбыта. Тутааччы тэрилтэ Skidmore, Owings & Merrill. Бас билээччи Emaar Properties. Бурдь Халифа ХАЭ иккис президенын шейх Халифа ибн Заид Аль Нахайян (1948-2022) аатынан ааттаммыта.