Булгунньах

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Навигацияҕа көс Көрдөбүлгэ көс

Гидролакколит (булгунньах, пинго) - ортотугар муустаах томтордор. Булгунньахтар тымныы климакка уонна халыҥ ирбэт тоҥноох сирдэргэ эрэ үөскүүллэр. Хас да сыл иһигэр сир аннынааҕы уу ситэ тоҥмокко буору үлүннэрэн таһаарар. Томтор 70 миэтэрэ үрдүккэ тиийиэн сөп, диаметра икки километрга диэри. Булгунньахтар Саха сирин киин өттүгэр, алаастаах дойдуга үөскүүллэр. Атын сиргэ Канаадаҕа бааллар.